Тохсунньу билгэтэ
14 — Эргэ Саҥа дьылы көрсүү. Бу күн устата хайа эмэ кэмҥэ былытырлаҕына, дьаҥ-дьаһах сыл хайа кэмигэр буолара быһаарыллар.
14 — 20 — Таҥха оонньуута. Сүллүүкүттэр ойбонтон тахсаллар.
19 — Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх тымныы буоллаҕына, сайына кураан.
21 — соҕурууттан тыалырдаҕына, сайына кураан. 23 — кэбиһиилээх от кырыардаҕына, сайына ардахтаах. 24 — сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр. 25 — күн көрдөҕүнэ, саас көтөр эрдэ кэлэр. Хаар түстэҕинэ — ардахтыыр.
31 — Охонооһойоп. Дьыл оҕуһун биир муоһа тостор, кыһын хонуга аччаан барар. Кыһыҥҥы кэм 188 хонугуттан аҥаара 94 хонук ааһар.
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр.
Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар.
Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр.
Тохсунньу ый бастакы күнүгэр чолбон сулустардыын атахтастаҕына, тыаллаах күн буолар.
Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы уҕарыыр.
Ой дуораана түстэҕинэ, тымныы сатыылыыр, оттон ой дуораана сүттэҕинэ — намырыыр.
Мастар халыҥ хаары сүгэһэрдэннэхтэринэ, халаан уута кэлэр.
Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Саха ыалын 2009, 2015 сс. халандаардарыттан.
«Бичик» («Айар») кинигэ кыһата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: