Тохсунньуга Саха сирин олохтоохторо куйаарга планеталар параадтарын көрүөхтэрэ
Тохсунньу ыйыгар Арассыыйа, ол иһигэр Саха сирин олохтоохторо куйаарга планеталар параадтарын көрүөхтэрэ. Бу туһунан РАН куйаар чинчийиитин үнүстүүтэ биллэрдэ.
Бу сэдэх көстүү кэмигэр хас да планета Күн биир өттүгэр бэйэ-бэйэлэриттэн чугас туруохтара — планеталар параадтара диэн ааттанар. Куйаарга чугас турар планеталар ахсааныттан көрөн, бу көстүүнү 4 көрүҥҥэ араараллар: мини-параад (3 планета), кыра параад (4 планета), улахан параад (5-6 планета) уонна улуу параад (7 планета).
2025 сыл саҕаланыыта, тохсунньу ыйга, алта планета улахан параадтара буоларын күүтэбит: Марс, Юпитер, Уран, Нептун, Венера уонна Сатурн. Бу сэдэх көстүүнү кэтээн көрүүгэ саамай үчүгэй дааталарынан тохсунньу 21-25 күннэрэ буолуохтара.
Астрологтар планеталар параадтара киһи-аймах олоҕор уларыйыылары аҕалар дииллэр. Араас быһылааннар, айылҕа алдьархайдара буолаллар үһү. Холобур, 1962 сыллаахха планеталар параадтарын кэннэ Карибскай кириисис саҕаламмыт, ол кэмҥэ ядернай сэрии буола сыспыт. 1989 сыллаахха — Сэбиэскэй Сойуус эстиитэ саҕаламмыт. Ол эрээри, наука өттүттэн бу көстүү дьайыытын үөрэтии, быһаарыы суох.
Санаттахха, былырыын бэс ыйын 3 күнүгэр куйаарга планеталар параадтара буолбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: