Тойбохой түмэлигэр павлин куурусса «оҕоломмут»…

Share

Киһи сөҕө истэр түгэнэ… Сунтаар улууһун Тойбохойдооҕу Георгий Бессонов аатын сүгэр түмэл 2017 сылтан «тыыннаах муннугу» үлэлэтэр.

Билигин бу муннукка  чарапаахы, мурукулар, хомяк, улитка, попугай, холууптар уонна павлиннар бааллар. Түмэлгэ  баар павлиннартан  биирдэстэрэ «кыһыл көмүс» сымыыттан кууруссаны төрөппүт. Хайдах ол?  Дьэ ол маннык:  павлин барахсан сымыытын баттаатаҕын ахсын иччитэ суох буолан иһэллэрин көрөн, үлэһиттэр аһынан, куурусса үс сымыытын укпуттар. Олортон биирдэстэрэ тахсан,  бу павлиҥҥа оҕо буолан улааппыт. Ийэ барахсан бу оҕотун көхсүгэр олордо сылдьан саататара, атыттартан көҥүүрэ, ийэлии истиҥник сыһыаннаһан улаатыннарбыта дьикти. Онтон куурусса барахсан бэйэтин павлин саҕа сананан бэркэ сылдьар.

Бу дьэрэкээн кыыллары Нина Никитина диэн үлэһит көрөр-истэр, кини өссө «Мир животных» диэн куруһуогу үлэлэтэн, оҕолору «тыыннаах муннукк»а чугаһатан үөрэх арааһын ыытар. Оҕолор кыыллары чуо биэс тарбах курдук билэллэр, көрөллөр-харайаллар, кэтээн көрөн чинчийии ыыталлар. Салайааччы Валерий Саввинов түмэл үлэтин биллэ сэргэхситэн, «тыыннаах муннугу» тэрийэн Бессонов саҕанааҕы кэрэ кэми эргитэр үлэни ыытара астык!

Тускулаана Кобельянова-Горохова, Сунтаар

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга «дрифтээбит» суоппар 170 тыһ. солк. ыстарааптанна

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын уулуссаларыгар «дрифтээбит» 27 саастаах Дьокуускай олохтооҕо холуобунай дьыалатыгар бириигэбэрэ таҕыста. Кини РФ…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өбүгэ үгэһин этигэр-хааныгар иҥэриммит алгысчыт, оһуохайдьыт Семен Морфунов

2023 сыллаахха сэтинньи 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарыгар, оһуохайдьыттарыгар уонна тимир уустарыгар…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрэгийиэн оператора 4 мөл.солк. суумаҕа ыстарааптанна

Оройуоннааҕы борокуратууралар ирдэбиллэринэн, Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ эрэгийиэн операторыгар өрөмүөн үлэтин ыытарга эбээһинэстиир туһунан…

59 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Чурапчылар байыастар сырдык ааттарын кэриэстээн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин күнэ. Саха сирин улуустарыгар бу бэлиэ күнүнэн араас сылларга байыаннай дьайыыларга,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ Олоҥхо дьиэлэрин сүрүннүөҕэ

Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ Саха сиригэр баар Олоҥхо дьиэлэрин сүрүннүүр киин буолуоҕа. …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ТУСКУЛ АНААРАР: От ыйа хайдах буолуой?

От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой?  Бэс ыйын…

1 час ago