Топ-топ тобурах… Айылҕабыт биир ураты көстүүтэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр, Кытыл Дьураатыгар омуннаатахха, сымыыт саҕа тобурах түһэн дьону соһутта. Бу иннинэ Үөһээ Бүлүү Туобуйатыгар эмиэ бэрт бөдөҥ кээмэйдээх тобурах түһэн, эмиэ соһуталаан турар. Онтон хас да сыллааҕыта Ленскэй улууһун Нуотара нэһилиэгэр эмискэ түһэн, улахан хоромньуну таһаарбыттаах. Аныгы үйэ үгэһинэн туоһу хаартыска, видео арааһа бассаабы толорбута, сөҕүү-махтайыы баһаам.
Эрдэттэн билгэлэммэт
Халлаан сөҥүүтүн көрүҥнэриттэн тобурах ордук кутталлаах, хоромньулаах. Чэ, баҕар хоромньу өттүгэр хаһыҥ ордук охсуулаах буолуон сөп. Сайыны быһа сыраны-сылбаны бараабыт кэнниттэн барыта биир түүн иһигэр тоҥон хаалара кыһыылаах даҕаны, ночооттоох даҕаны. Ол эрэн, тобурах сир халлаан икки ардыгар түбэспит киһини дьиҥнээхтик эчэтиэн сөп. Ааспыт нэдиэлэ көрдөрбүтүнэн, массыынаны, түннүк тааһын кытта алдьатыан сөп эбит. Биир сүрүн “кэмэлдьитэ” бу халлаан көстүүтэ эрдэттэн билгэлэммэт айылҕалаах. “Өйүүн тобурахтыа” диэн биир даҕаны синоптик сэрэтэр кыаҕа суох. Тоҕо манныгый?
Тобураҕы үөскэтэр былыттар олус кыра кэм иһигэр үөскүүллэр. Хас даҕаны айылҕа сабыдыала сөп түбэһэн тобурах түһэр усулуобуйата сүр түргэнник сайдар.
Ханнык сабыдыаллар дьүөрэлэһиэхтээхтэрий? Куйаас, сииктээх күҥҥэ уулаах аллараа араҥа былыттар үөһээҥҥи тоҥ былыттары кытта холбостохторуна, тобурах үөскүөн сөп. Бастаан сиик өрө тахсан алларааҥҥы былыттар “ыанньыйаллар”, ол эрэн бу сиик аллараа түспэккэ тымныы араҥаларга үтэйиллэр. Онно ыараан, аллараа түһэн иһэн, өссө биирдэ үөһээ үтэйиллиэхтэрин сөп, оччоҕуна өссө биир араҥанан кэтирээн биэрэр. Ити курдук хаста даҕаны үөһээ, аллараа “хачыалланар” түгэнигэр улам бөдөҥсүйэн тыынар тыыннааҕы эчэтэр кээмэйдэниэн сөп. Улахан кээмэйдээх тобураҕы хайытан көрдөххө, хас даҕаны дьэҥкир уонна үрүҥ араҥалара солбуйса үүммүттэрэ ала-чуо көстөр.
Тобурахтаах былыт көрүҥэ
Синоптиктар эрдэттэн билгэлээбэт көстүүлэрэ да буоллар, субу түһэрэ кэлбит тобураҕы эт хараҕынан көрөн сэрэйиэххэ сөп. Ыас хара былыт быыһыгар үрүҥ, күллүҥү өҥнөөх быысаһыылар баар буоллахтарына, сэрэммит ордук. Дуорааннаах, эмискэ дэлби тэбиитэ суох быыстала суох этиҥ этэрэ эмиэ тобурах түһүөн сөбүн туоһулуур. Бороҥ өҥнөөх былыт аллараа өттүгэр боруоҥка курдук оҥхой үөскээбит буоллаҕына, чугаһынан тобурах түһэн ааһара саарбаҕа суох. Маннык көстүүлэри бэлиэтээбит буоллаххытына, сэрэниэххэ наада. Массыынаны хомурутар бөдөҥ тобурах биирдэ эмэ буолар сэдэх көстүү, ол эрэн, үүнээйи араскыларын бүрүйэр наада. Сүөһүнү хаххалаах сиргэ киллэрэн, дьон дьиэни булан, түннүк таһыттан тэйиччи турбут ордук. Тобурах силлиэни кытта кэлэр, онон көтөн хаалыан сөптөөх малы-салы эмиэ харайан, бааллары баайан, бүрүллэри бүрүйэн кэбиспит туһалаах буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: