Салгыы
«Тотальнай дьыктааны» суруйааччы Анна Матвеева ааҕыаҕа

«Тотальнай дьыктааны» суруйааччы Анна Матвеева ааҕыаҕа

11.04.2024, 16:45
Хаартыска: култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Муус устар 20 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн «Тотальнай дьыктаан» аахсыйа ыытыллыаҕа. Бу бырайыак нуучча тылын, литературатын таптыыр дьон, волонтердар күүстэринэн ыытыллар.

Дьокуускай олохтоохторо «Тотальнай дьыктааны» муус устар 20 күнүгэр күнүс 2 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ тиийэн, икки былаһаакканан суруйуохтарын сөп. Маны тэҥэ, totaldict.ru саайтка онлайн көрүҥүнэн суруйар кыах эмиэ баар.

«Тотальнай дьыктаан» сыл аайы ыытыллар. Ким баҕарар, сааһыттан, омугуттан, үөрэҕиттэн тутулуга суох, кыттар кыахтаах. Нуучча тылын баһылыыр, сыыһата суох суруйар үөрүйэх аныгы үйэҕэ да кэм ирдэбилэ буоларын көрдөрөр, тарҕатар сыаллаах.

Хас сыл ахсын, балаҕан ыйын 8 күнүгэр тэрийээччилэр «Тогтальнай дьыктаан» ааҕыллар тиэкиһин ааптарын биллэрэллэр. 2024 сылга  «Завидное чувство Веры Стениной» уонна «Каждые сто лет» арамааннар ааптардара, суруйааччы Анна Матвеева ааҕыаҕа. Быйыл дьыктаан күннүк жанрыгар ананыаҕа. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: