Туох-ханнык ыарыылаахтар аармыйаҕа ыҥырыллыбаттарый, болдьохторо уһаан биэрэрий?
Күүстээх аҥаардар байыаннай сулууспаҕа доруобуйаларынан эппиэттэһэллэрин дуу, эппиэттэспэттэрин дуу быраас оҥорбут түмүгэр олоҕуран ыҥырар хамыыһыйа быһаарар.
Ыҥырар хамыыһыйа (призывная комиссия) маны РФ Бырабыыталыстыбатын 2013 сыл от ыйын 4 күнүнээҕи 565-с нүөмэрдээх уурааҕар олоҕуран быһаарар. Тустаах уураахха ыйылларынан, аармыйаттан доруобуйаларын туругунан “Д” бөлөххө (категория) киирсэр дьон босхолоноллор. Онтон “Г” категориялаахтарга ыҥырыллыыларын болдьоҕо 6 ыйга диэри уһаан биэрэр (отсрочка).
Ураахха суруллубутунан, улахан сэлликтээх, ВИЧ, шизофрения ыарыылардаах, хроническай алколгольнай психозтаах, хроническай алкоголизмнаах, наркоманиялаах уонна токсикоманиялаах киһи быһыытынан бодолоро биллэ уларыйбыт, сылга биэстэн ордук төгүл эпилепсиялара киирэр, инсультан сылтаан хамсаныыларыгар биллэ кэһиллиилээх, икки харахтарыгар тарҕаммыт уонна бүтэһик стадияларыгар глаукомалаахтар, ырааҕы (близорукость) эбэтэр чугаһы кыайан көрбөттөрө (дальнозорькость) эбэтэр астигматизмнара олус уратылаах, улахан астмалаах, быардара цирроз буолбут, бэргии турар гепатиттаах, киэҥник тарҕаммыт, эмкэ бэриммэт хроническай экземэлээх, ыарахан формалаах сахарнай диабеттаах, уо.д.а. ыарыылардаах дьон ыҥырыллыбаттар.
Аармыйаттан босхолуур эбэтэр ыҥырыллар болдьоҕу уһатан биэрэр быраабы биэрэр ыарыы толору испииһэгин РФ Бырабыыталыстыбатын 2013 сыл от ыйын 4 күнүнээҕи 565-с нүөмэрдээх уурааҕар көрүөххүтүн сөп.
Доруобуйаларын туругунан байыаннай сулууспа биэс бөлөххө (категория) арахсар:
А – байыаннай сулууспаҕа эппиэттэһэр (годен к военной службе),
Б – бэрт кыра хааччахтардаах байыаннай сулууспаҕа эппиэттэһэр (годен к военной службе с незначительными ограничениями),
В – хааччахтардаах байыаннай сулууспаҕа эппиэттэһэр (ограниченно годен к военной службе),
Г – быстах кэмҥэ байыаннай сулууспаттан тохтотуллар (временно не годен к военной службе),
Д – байыаннай сулууспаҕа эппиэттэспэт (не годен к военной службе).
Хаартыска: СИА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: