Кыстык хаар түһээн булчуттар бултуур тэриллэрин бэрийэллэр. Оттон дьахталлар астаан-үөллээн ыытан, эрдэрэ күндү түүлээҕи сүгэн кэлэрин кэтэһэллэр. Онон бүгүҥҥү матырыйаалы түүлээҕи имитиигэ, ыыстааһыҥҥа аныыбыт.
Сахалар дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын-саптарын хотугу сир тыйыс айылҕатыгар сөп түбэһиннэрэн оҥороллор, уларыталлар-тэлэритэллэр. Билигин даҕаны түүлээх таҥас олохтоох дьоҥҥо сүрүн миэстэни ылар. Саха сирин тоһуттар тымныытыгар тыс этэрбэс, түүлээх бэргэһэ, саҕынньах хайаан даҕаны ирдэнэр. Ону олоҕу кытта ситимнээн тэҥҥэ тупсаран, киэргэтэн иһэллэр.
Кыһыммыт эмиэ чугаһаата. Иистэнньэҥнэр үлэлэрэ саҕаланна. Былыр суорҕаны-тэллэҕи тиийэ түүлээх таҥастан тиктэллэрэ. Оччолорго хойуутук үөскүүр куобах тириитэ суорҕан буолан күн бүгүҥҥэ диэри ахтыллар. Оттон күндү түүлээх туһунан этэ да барыллыбат.
Күндү түүлээх бэрт чараас, таҥастыырга сыыһа-халты туттууттан хайыта барыан сөп. Ол иһин булчуттар да, иистэнньэҥнэр даҕаны сэрэнэн сүлэллэр, тиирэллэр, имитэллэр. Күндү түүлээҕи имитии кэккэ быраабылалардаах. Ону булгуччу тутуһар ирдэнэр.
Сахаҕа биир күндү түүлээҕинэн киис буолар. Сыаналааҕын быһыытынан, ылбычча киһи таҥастаабат, тикпэт. Тиириллибит киис тириитин (хачыгырас) түүлээх өттүттэн тутан сымныар диэри тымныы уунан сиигирдэллэр. Тирии сыатын-арыытын ыраастыыр инниттэн иһит сууйар сириэстибэнэн сэрэнэн, кум-хам туппакка, имэрийэр былаастаах маҥнай түүлээх, салгыы ис өттүттэн сууйаллар, ыраас уунан сайҕыыллар, онтон ис өттүн (тириилээҕин) хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйаллар. Тиэрэн баран түүтүн килэбэчитээри, тупсараары сэрэнэн аны баттах суунар сомпууннаах ууга сууйан баран сайгыыллар, ыгаллар, сотторго суулаан сэрэнэн сиигин обортороллор.
Салгыы икки-үс чаас ититэр ситимтэн тэйиччи туруоран түүтүн сарахадыта түһэллэр. Батарыайаҕа, оһох сылааһыгар ууруллубат, фенынан куурдуллубат. Тиэрэн баран эмиэ сэрэнэн, туора тутан (устаты буолбатах) имитэн бараллар. Элбэх сыалаах сирин сэрэнэн кыһыаҕынан ыраастыыллар.
Тиириллибит тииҥ тириитин төттөрүтүн улаханнык илитиллибэт. Кыратык хаһаайыстыбаннай мыылалаан сиигирдэн эрэ ылаллар. Онтон уһун синньигэс тииҥ киэбигэр уган субатын сэрэнэн кыһыахтаан ылаллар уонна дьэ кууруор диэри имитэллэр. Имитэр кэмҥэ ханан субалааҕа көһүннэҕинэ, кыһыаҕынан эбэтэр тыҥыраҕынан сыыйан ылаллар.
Ынах, сылгы тириититтэн тэллэх, олбох оҥостоллоро, этэрбэс, холуоһа, суорҕан тиктэллэрэ. Билигин сүөһү тириитэ суорҕанынан саптыбатахпыт иһин, сахалыы таҥас-сап тэнийэн, сүрүннээн сылгы тириититтэн эр киһи, оҕо этэрбэһин, ыыстаан дьахтар, кыыс аймахха сарыы этэрбэс, тирэҥсэ тигэллэр.
Тоҥ тириини кыһыаҕынан ыраастыыллар. Инчэҕэй тириини сытыта түһэн баран, түүтүн илиинэн үргүүллэр. Инчэҕэй, сылгы тириитин тимир хобордооххо саба бүрүйэн олорон анал оҥоһуулаах быһаҕынан түүлээх хаҕын сэрэнэн-сэрэнэн өҥүн алдьаппакка эрэ сүлэллэр. Ол кэнниттэн ыыстыыллар — буруоҕа ыһаараллар.
Ыыстыыр сири икки араастаан оҥороллор: биирэ аналлаах омуһах буолар, иккиһин сир үрдүгэр намыһах, сытыары эркиннээх отуу курдук, тыын-тыҥырах тахсыбат гына буорунан сыбаан оҥороллор. Иккиэннэригэр эмэх маһынан буруолаталлар, ол иһигэр тириини уураллар. Иин иһинээҕи тирии үөһэттэн тардан ыларга быалаах буолар. Омуһах угаарданар, онон кыра да бириэмэҕэ киирэр кутталлаах.
Тирии буруо иһигэр үс-түөрт хонукка сытар, омуһах эбэтэр хоспох аанын үчүгэйдик сабан баран, бадараанынан сыбаан кэбиһэллэр. Итинник ыыһаммыт тирии мээнэ сытыйбат, дьүһүнэ да ыыс-араҕас, кэрэ буолар. (“Саха төрүт культурата”, М. А. Попова кинигэтиттэн).
Сахалар сүрүннээн тириини сымнатарга мас эмэҕин, суораты, арыыны, аһыйбыт сүөгэйи, быыбакканы тутталлар. Маны таһынан, анды арыытын, ис сыаны, сылгы сыатын, уҥуох арыытын, аһыйбыт үүт хойуутун, быар, кыыл-сүөл, сылгы, сүөһү, таба мэйиилэрин, оннооҕор күлү тутталларын туһунан кинигэлэртэн ааҕан билэбит.
Былыр-былыргыттан тириини таҥастыыр тэрил араас. Олортон аныгы дьон сүрүннээн талкыны уонна кыһыаҕы үчүгэйдик билэбит. Онтон атыттар умнулла быһыытыйдылар.
(“Саха төрүт культурата”, 1 чааһа. М. А. Попова, “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта” кинигэлэртэн).
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…