Тускул: «Балаҕан ыйа икки ардахтаах»

Share

Бүгүн атырдьах ыйын 31 күнэ — сайын бүтэһик күнэ. Сарсын — балаҕан ыйа.

Норуот синоптига Тускул балаҕан ыйын үгэһин туһунан маннык бэлиэтиир:

Балаҕаны саха үс көрүҥун туттан олорор үгэстээх: кыстык балаҕан, сайылык, отордуур балаҕан. Балартан, биллэн турар, саамай кичэллээхтик кыстык балаҕан оҥоһуллар. Балаҕан ыйыгар отордуур балаҕаҥҥа олоро түһэн баран, Сэмэнэптэн кыстык балаҕаҥҥа көһөллөр. Ол аата балаҕан ыйын 14 күнүгэр. Сэмэнэпкэ (Сибэтиэй Симеон Столпник) ыал үксэ отторун үлэтэ бүтэн, «кыдама сууйуута» диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахталлар «быттанар» үтүө күннэрэ үүнэллэр. Ый 21-с күнүгэр «сырдык» уонна «хараҥа» тэҥнэһэр, мантан ыла түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар.

Балаҕан ыйа кулун тутар ыйы батыһар. Ый өксүөннээх уонна 20-с чыыһыла диэки сайын эргийэр. Ол —  Дьахтар быттанар кэмэ. Икки ардахтаах: кус барар уонна оту-маһы  ииктэтэр (ый бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥатыгар). Оту-маһы хайдах ииктэтэринэн кэлэр сааһы билгэлииллэр. Тыала биир: көтөҕө түһэрэр тыал. Балаҕан ыйынан кыһын хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тутууга саҥа рекорд олохтонуо

Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…

5 минут ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Айсен Николаев: «Кыайыылаах көлүөнэҕэ махталбыт муҥура суох»

Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Сергин: «Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барар»

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан тырааныспар сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууруо

Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан  Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госөҥөлөр портал дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүүттэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕэ

Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…

2 часа ago