Тускул билгэтэ: «Өлүөхүмэҕэ ый бүтүүтүн саҕана ардыан сөп»

Share

Кулун тутарга киһи харыстаныахтаах эргэ дьыла бүтэр, саҥа дьыл саҕаланар, тот салгын кэлэр.

Норуот синоптига Тускул үгэс быһыытынан кулун тутары билгэлээтэ.

— Кулун тутардааҕы бэлиэтээһин олунньу ыйга буолбут сылыйыы кэмин баттаһа буолар уонна муус устарга ириэрии буолан эргийэр. Ый икки сүрүн тыаллаах: хомурах уонна сыыр хастыыр тыал. Кулун тутары балаҕан ыйа батыһар. Бу ыйга саас төһө эрдэ кэлэринэн, сайын хайдах буолуон билгэлииллэр. Кулун тутартан тоҕус тибии түстэҕинэ, угут бэлиэтэ. Ый икки тыаллаах: хаардаах көмнөҕү түһэрэр тыал уонна сыыр хастыыр тыал. Ый хаара — туллук кэлэр хаара. Араҥас сулус халлаан оройугар турдаҕына, саас эрдэлиир, ынах сүөһүгэ үчүгэй сайын буолар. Арҕааттан, соҕуруулуу-арҕааттан олооһун тыал түстэҕинэ, хаар кэлэр. Сарсыарда дьэргэлгэн түстэҕинэ, былыта суох үчүгэй күн буолар. Сулустар өлбөөрөн көстөр буоллахтарына, халлаан сылыйар. Эрдэ хараардаҕына, үүнээйи сааскы хапсыыртан тахсыыта бытаарар. Түүн тымныйдаҕына, сир аһа үүммэт.

Кулун тутарга Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Былыргы сахалар бу түгэни анаан кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар, кулун тутар 4 күнүгэр алтыһар, хойутаан алтыстаҕына — куһаҕан дьылга.

Илин эҥэр улуустар

Кулун тутарга киин үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, сылаас буолара сабаҕаланар. Үгүс улуустарга түүҥҥү өттүгэр тымныйар. Хаар бу ыйга олох кыра, дэкээдэ аайы биирдии эрэ күн түһэр курдук. Илин эҥэр улуустарга хаар халыҥа ортотунан 33-37 сс. Мантан саас хаар эбии түстэҕинэ эрэ уу кэлииһи, түспэтэҕинэ — кураан сайын. Күнүс -19С-17С кыраадыс тымныы, түүн -32С-29С. Ый бүтэһигэр күнүс биллэрдик сылыйар. Күнүс-9С -6С кыраадыс, түүн  -17С -14С  кыраадыс тымныы.

Киин улуустар 

Кулун тутар  үгүс киин улуустарга сылаас буолара сабаҕаланар. Ый бастакы аҥарыгар түүҥҥү өттүгэр тымныйар. Киин улуустарга билигин хаар халыҥа олох кэмчи — ортотунан 27-31 см.  Мантан саас эбии туспэтэҕинэ, кураан сатыылыыһы.

Бу ый ортотугар -19С-16С кыраадыс , түүн -29С-22С тымныы. Ый бүтэһигэр   сөҥүүтэ олох суох. Күнүс -13С-9С кыраадыс, түүн  -29С -26С  кыраадыс тымныы.

Ый бүтэһигэр кыра соҕус хаардаах, күнүс биллэрдик сылыйар: -8С -5С кыраадыс, түүн  -17С -14С  кыраадыс тымныы.

Бүлүү бөлөх улуустар 

Бу улуустарга хаар халыҥа ортотунан 40-45 см. Мантан саас эбии түстэҕинэ эрэ уу кэлиэҕэ. Хаар олох суоҕун кэриэтэ. Ый бастакы уон хонугар күнүс -20С-18С кыраадыс тымныы, түүн -30С-25С. Ый бүтэһик күннэрэ күнүс-8С-5С кыраадыс тымныынан үөрдүөхтэрэ, түүн  -14С -10С  кыраадыс тымныы.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйыл хаар олохтоохтук түстэ. Өлүөхүмэ өрүс сүнньүнэн ортотунан 47-53 см хаардаах, ол эрээри Лена баһын диэки хаара үчүгэй — 80-85 см. Кулун тутарга хаара олох эмиэ кэмчи. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, соҕуруу улуустарга кулун тутарга лаппа сылыйыыһы, ый бүтүүтүн саҕана ардыан сөп. Бастакы дэкээдэҕэ күнүс -11-7С кыраадыс тымныы, иккискэ — -12С-10С кыраадыс. Үһүс дэкээдэҕэ күнүс-8С-12С кыраадыс, түүн  -7С -2С  кыраадыс тымныы.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:

Тымныы полюһугар кулун тутарга хаара олох эмиэ кэмчи. Хаар түспэтэҕинэ уустук сайын буолсу. Бу ыйга бастакы уон күҥҥэ күнүс -32С-33С кыраадыс, түүн -45С-34С тымныы. Иккис дэкээдэҕэ да тымныы буолсу, күнүһүн -21С-18С кыраадыс тымныы, түүнүн -30С-25С  кыраадыс тымныы. Ый бүтэһигэр күнүһүн -15С-10С кыраадыс, түүн -23С-20С кыраадыс тымныы.

Дьааҥы улууһа

Урукку сыллардааҕар манна сымнаһыар буолсу дуу. Дьааҥы эҥэр улуустарга быйыл хаара кэмчи курдук — 29-27см курдук.  Ый саҥатыгар күнүс -21С-19 кыраадыс тымныы, түүнүн -35С-32С тымныы. Ый ортотугар күнүс -21С-18С кыраадыс тымныы, түүн -26С-29С  кыраадыс тымныы. Үһүс дэкээдэҕэ күнүс -16С-13С кыраадыс , түүн -23С-19С кыраадыс тымныы.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ:

Артика эҥэр улуустарга кулун тутар бастакы-иккис дэкээдэлэригэр түүҥҥү өттүгэр балай да тымныйыыһы. Хотугу муора эҥэр улуустарга хаар халыҥа: Тиксиигэ — 24 см, Өлөөҥҥө 34-39 см,  Анаабырга 30-35 см.  Бу эҥэр ый саҥатыгар күнүс -24С-21С кыраадыс тымныы, түүн -38С-32С тымныы. Ый бүтэһигэр күнүһүн -18С-16С кыраадыс , түүн -23С-20С кыраадыс тымныы.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago