Тускул бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө тоҕо хаардаабытын быһаарда

Share

Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар хаар түһэн, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тымныйан ылла.

Күүстээх тымныы тыал өрүү хотугулуу-илинтэн билигин да үрэр. Тоҕо бу эҥэр тымныйбытын, кыһыҥҥылыы хаар кэлэн түспүтүн норуот синоптига Тускул бу курдук быһаарда:

Бу күннэргэ Арктикаттан олус улахан  тымныы салгын кэлэн, Өймөкөөн диэки улахан хаары аҕалла. Өрүү бэлиэтиирим курдук, сиргэ эмиэ арааһынай иирсээн буоларыныы, сылаас тымныыны кытта охсуһуута күн аайы буола турар. Онон итийэн турбут ичигэс салгыны кытта Магадаантан уонна Камчааткаттан кэлбит тымныы салгын чугастыы Өймөкөөнү хаарыйан, манна күүскэ хаардаан ааста.

(Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Семен Сивцев устуута).

Онон Өймөкөөн улууһун олохтоохторо Ньукуолуну хаар быыһыгар көрсөн бэлиэтээтилэр.

(Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо Егор Находкин устуута).

Онтон Саха сирин хабан, аны Бурятияҕа тиийдэ, онно эмиэ хойуу хаар түстэ. Ол кэннэ бу тымныы салгын Красноярскайынан Казахстааҥҥа тиийэ баран, тымныйан ылла. Билигин да бу салгын сабыдыала Өймөкөөнтөн «арахса» илик. Ол тыына киин улуустарга эмиэ биллэн, бу күннэргэ тымныы тыаллаах буолан, сылыйа илик.

Өймөкөөн улууһугар бэс ыйын саҥатыттан күнүс +12-14 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Бэс ыйын 6 күнүттэн +18 кыраадыс сылыйыаҕа. Түүн +10-14 кыраадыс буолуоҕа. Онон өймөкөөннөргө оҕуруот аһын үүннэрэргэ тоҕоостоох күннэр үүнүөхтэрэ. Бэс ыйын 15 күнүттэн Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһугар куйаас күннэр саҕаланыахтара. Ол курдук, күнүс 21-25 кыраадыстан саҕаланан, сыыйа куйааран барыаҕа.  Түүн +10 кырадыс сылыйыаҕа.  Самаан сайын сатыылыыра аҕыйах хонук хаалла. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Харбалаахха “Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” билиннэ

Муус устар 30 күнүгэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар "Мин - өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэбин!"…

5 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Дьааҥыга баһаарга биир киһи эмсэҕэлээтэ

Ыам ыйын 2  күнүгэр Судаарыстыбаннай баһаарынай надзорга Үөһээ Дьааҥы улууһун Улахан Күөл сэлиэнньэтиттэн 28 км…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Тус сыаллаах дуогабарынан биир үөрэххэ туттарсыахха сөп

“Ыам ыйын 1 күнүттэн абитуриеннар биир эрэ үрдүк үөрэх тэрилтэтин биир эрэ бырагырааматыгар сайабылыанньа биэриэхтэрин…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

14 №-дээх оптуобус суоппара оҕолору үөхпүт…

Социальнай ситимҥэ Дьокуускайга  14-c №-дээх оптуобус суоппара  оҕолору үөхпүтүн туһунан видеолаах  иһитиннэрии тарҕаммыта. Эмсэҕэлээбит оҕолор…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Суордаах нэһилиэгэр — саха ынаҕа

Дьааҥы улууһун уһук сытар Суордаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитигэр улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, быйыл саас…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суол быһылааныгар снегоходтаах киһи суорума суолланна

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 9 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Үөһээ Бүлүү…

2 часа ago