Туваҕа ойууттар киһи аймах үтүө туруктаныытын сиэрин толордулар

Share

Күн муҥутуурдук уһаан турар кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, Туваҕа ойууттар киһи аймах үтүө туруктаныытын сиэрин толордулар. Байыастар доруобуйаларын уонна Арассыыйа байыаннай эпэрээссийэҕэ хоторун туһугар көрдөстүлэр. Ити туһунан ТАСС-ка Адыг-Ээрен Тыватааҕы ойууттар итэҕэллээх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбит.

“Бэс ыйын 21 күнүгэр сарсыарда 8 чааска (04:00 мск) Тываҕа Монгун-Булак диэн сиргэ ойууттар улахан сиэри толоруулара буолла. Ону тэҥэ, сиэри толоруу ойууннар баар Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр эмиэ ыытылынна. Ойууттар сүбэлэһэн баран сиэри-туому миэстэтигэр ыыталлар. Бу энергетическэй көрүүнэн олус күүстээх күн, онон сайын үтүө туруктаахтык ааһарын туһугар Үрдүк Айыылартан уонна өбүгэлэрбититтэн өйөбүл көрдүүр суолталааҕынан ааҕыллар. Ойууттар киһи аймах үтүө туруктаах буоларын, байыастарбыт байыаннай эпэрээссийэҕэ кыайалларын уонна доруобай буолалларын туһугар көрдөстүлэр”, — диэн ойууттар итэҕэллээх тэрилтэлэригэр иһитиннэрдилэр.

Сиэри-туому толорууга Үрдүк Айыылартан алгыс ылыан баҕалаах дьон бары кэллилэр.

Туваҕа ойууттар 13 тэрилтэлэрэ баара биллэр. Арассыыйа Үрдүкү ойууна уонна Тува Үрдүкү ойууна — Кара-оол Допчун-оол билигин дойдутугар баар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago