Тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүгэр көрүллэр субвенция кээмэйэ улаатыаҕа

Share

 Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйарынан,  парламент көрүүтүгэр  “О наделении органов местного самоуправления муниципальных районов и городских округов Республики Саха (Якутия) отдельными государственными полномочиями по поддержке сельскохозяйственного производства» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барыла киллэриллибит. 

Сокуон барылынан иккис бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга   кэтэх хаһаайыстыбаларга  ыанар ынахха көрүллэр  төлөбүр  кээмэйэ 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа.

Бастакы бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга  уонна куораттааҕы уокуруктарга кэтэх хаһаайыстыбаларга  ыанар ынахха көрүллэр төлөбүр  37 тыһ. солкуобайтан 45 тыһ. солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Ити кэтэх хаһаайыстыбаларга  сүөһү аһылыгын, уматыгы атыылаһыы, оту тиэйии ороскуоттарын 27 %-нын хааччыйыа.

Маны таһынан уларыйыы үүтү оҥорон таһаарыыга уонна переработкалааһыҥҥа сыһыаннаах. Сокуон барылын көҕүлээһининэн, субвенция кээмэйин үүт биир туоннатыгар 60-тан 65 тыһ. солк. диэри улаатыннарарга этиллэр. Аны туран сокуон уларыйыытынан бурдук ыһыллар иэнин биир гектаарыгар субвенция кээмэйэ 10 тыһ. солкуобайтан 13 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago