Салгыы
Тыа сиригэр баран үлэлээ — 2 мөлүйүөнү ыл

Тыа сиригэр баран үлэлээ — 2 мөлүйүөнү ыл

14.12.2023, 16:30
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр 2023 сылга мэдиссиинэ каадырдарын тыа сиригэр үлэлэтиигэ 255 мөлүйүөн солкуобай төлөннө.
Миэдиктэргэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак  «Земский доктор» уонна «Земский фельдшер» бырагыраамаларынан төлөбүрдэри биэрэллэр.
Ол курдук, миэдиктэр тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ, 50 тыһыынча киһиттэн элбэҕэ суох нэһилиэнньэлээх куораттарга баран үлэлиир миэдиктэргэ биирдэ бэриллэр төлөбүр төлөнөр.

Быраастар тыа сиригэр, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ бардахтарына — 2 мөлүйүөн солкуобайы, кыра куораттарга — 1 мөлүйүөн солкуобайы ылаллар.

Биэлсэрдэр, акушеркалар, сиэстэрэлэр тыа сиригэр, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ бардахтарына — 1 мөлүйүөн солкуобайы, кыра куораттарга — 500 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 2°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 48% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: