«Тыа сирин дуоктара» бырагыраамаҕа тыһыынчаттан тахса эмчит кытынна

Share

Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылын биир сытыы кыһалҕатынан ыраах сытар улуустарга мэдиссиинэ  тэрилтэлэрин каадырдарынан хааччыйыы буолар.

Хаартыска: SakhaGov

-«Тыа сирин дуоктара», «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагыраамалар олоххо киллэриллиэхтэриттэн ыла тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ уонна 50 тыһыынчаҕа тиийэ нэһилиэнньэлээх дьоҕус куораттарга 1 396 исписэлиис тардылынна.
1 200 быраастан 823-һэ улуустарга, ол иһигэр Арктикаҕа, барбыттара. Ону сэргэ 196 биэлсэр биэлсэр-акушер пууннарыгар (47 -– Арктика зонатыгар баар) үлэлии кэлбитэ, -– диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.
2024 сылга биир кэлим төлөбүрү биэрэргэ 234 мөлүйүөн солкуобайдаах үбү  федеральнай бүддьүөттэн уонна «2020-2024 сылларга доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматыттан ылыллара былааннанар.
«Мин «Тыа сирин дуоктара» бырагыраамаҕа кыттыбыппыттан олус үөрэбин. Улахан Ааны олус сөбүлээтим, манна үтүө санаалаах дьон олорор, айылҕата олус кэрэ! Учаастактааҕы амбулатория модульнай дьиэтэ былырыын доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутуллубута. Амбулатория дьиэтэ мэдиссиинэ тэриллэринэн уонна миэбэллэринэн толору хааччыллан, түмүктээх үлэҕэ усулуобуйата барыта тэрилиннэ», -– диэн Хаҥалас улууһун Улахан Аан сэлиэнньэтин быраас амбулаториятын уопсай быраактыка бырааһа Яна Дмитриева санаатын үллэһиннэ.
Быйыл бу бырагыраамаҕа  138 исписэлииһи, ол иһигэр 112 бырааһы,  кытыннарыы былаанныыллар. Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ бу хайысханан үлэ салҕаныаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

29 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago