Тыа сирин миэдиктэригэр эбии төлөбүр төлөнөр
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата мэдиссиинэ 9124 үлэһитигэр 161,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах анал социальнай төлөбүрү төлөөтө.
2024 сыл кулун тутар ыйыттан мэдиссиинэ үлэһиттэрин сорох категорияларыгар төлөнөр ыйдааҕы социальнай төлөбүрдэр суумалара үрдээбитэ. Маннык үлэһиттэргэ тыа сиригэр, улуус киинигэр, кыра куораттарга үлэлиир миэдиктэр киирэллэр.
50 тыһыынчаттан аҕыйах нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэлэргэ быраастар эбии 50 тыһыынча солкуобайы, орто сүһүөх үлэһиттэр 30 тыһыынча солкуобайы ылаллар.
Оттон 50-100 тыһыынча нэһилиэнньэлээх пууннарга быраастарга — 29 тыһыынча солкуобай, орто сүһүөх миэдиктэргэ — 13 тыһыынча солкуобай, 100 тыһыынчаттан тахса киһилээх куораттарга быраастарга — 18,5 тыһыынча солкуобай уонна орто сүһүөх миэдиктэргэ 8 тыһыынча солкуобай хамнастарыгар эбиллэр.
Ый түмүгүн ахсын мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ маннык төлөбүрү ылар үлэһиттэр электроннай испииһэктэрин оҥороллор, сууматын ааҕаллар уонна Социальнай пуондаҕа тиэрдэллэр. Нэдиэлэ иһинэн харчы миэдиктэр счеттарыгар түһэр. Бу социальнай төлөбүрдэртэн НДФЛ нолуога төлөммөт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: