Ленскэйгэ Ньүүйэ бөһүөлэккэ тыатааҕы киирбит. Итинэн сибээстээн оройуон дьаһалтатыгар олохтоохтору сэрэхтээх уонна ордук болҕомтолоох буоларга сэрэттилэр.
Бу сайын Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тыатааҕы «ыалдьыттыыр» бастакы түбэлтэтэ буолбатах. Адьырҕа кыыллар бөһүөлэктэргэ ойуур баһаардарыттан куотан уонна отоно суох кэм турбутунан киирэллэр. Санаттахха, от ыйыгар Ленскэйгэ бөһүөлэктэн чугас икки тыатааҕыны бэлиэтии көрбүттэрэ.
Оттон бүгүн Депутатскай бөһүөлэгиттэн чугас тыатааҕы сылдьар хаартыскатын социальнай ситимнэринэн тарҕаттылар. Ол курдук бэҕэһээ, атырдьах ыйын 5 күнүгэр, Депутатскай бөһүөлэгиттэн чугас «Белазка» суол кытыытыгар тэпилиссэ аттыгар сылдьар тыатааҕыны хаартыскаҕа түһэрэн ыыттылар. Бөһүөлэк дьаһалтата олохтоохтору сэрэхтээх буоларга уонна куттал суох буолуутун быраабылатын тутуһарга ыҥырдылар.
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…