Түөкүттэр аны Телеграмы «буулаатылар»
Дистанционнай түөкүттэр аны Телеграм социальнай ситимҥэ дьон аккауннарын «алдьатан», кинилэр ааттарыттан билэр дьонноругар харчынан көмө көрдөөн суруйар буоллулар.
Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куорат полициятыгар Телеграм социальнай ситим нөҥүө түөкүннээһиҥҥэ үс сайабылыанньа киирбит. Бу түбэлтэлэр майгыннаһаллар эбит. Ол курдук, эмсэҕэлээччилэр телеграм нөҥүө билэр дьонноруттан кирэдьиит төлүүллэригэр харчы иэстэһэр туһунан иһитиннэрии туппуттар. Иһитиннэриини тутаат, эмсэҕэлээччилэр тугун-ханныгын чуолкайдаһа барбакка, тута түөкүттэр каарталарыгар 15 000 солк. 21 000 солк. диэри харчыны ыыппыттар.
Социальнай ситимнэргэ маннык хабааннаах түбэлтэҕэ киирэн биэрбэт туһуттан, иннин-кэннин быһаарсыбакка эрэ, харчыны ыыта охсорго ыксаамаҥ диэн полиция үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: