Ыраахтан олорон албыннааччылар харчы ылар туһуттан араас албастара элбэх.
Дьокуускай үс олохтооҕун угаайыларыгар киллэрэннэр, 1,5 мөл. солк. тахса харчыны түөкүттэр «көтүтэн ылбыттар».
Диспетчерскэй сулууспа үлэһитэ кэпсээбитинэн, киниэхэ иһитиннэрии кэлбит. Биллэн турар, түргэнник уонна чэпчэкитик харчыланыахха сөп диэн. Эмсэҕэлээччи ону истибит, итэҕэйбит уонна билбэт киһитин ыйыытынан саайтка регистрацияламмыт, төлөпүөнүгэр сыһыарыыламмыт уонна харчытын укпут, туох этиллибитин, ыйыллыбытын толорбут. Биллэн турар, аккауна блоктаммыт, билбэт киһитин кытары суруга сотуллан хаалбыт. Ол түмүгэр бу киһи 509 тыһ.солк. мэлийбит.
Оттон 73 саастаах биэнсийэлээх дьахтар рекламаны көрөн, харчылаһаары ссылканан киирбит. Онуоха күүттэрэ барбакка, киниэхэ инвестиционнай хампаанньаттан эрийэр аатырбыттар. Чэпчэкитик харчылаһар туһунан кэпсээбиттэр. Ол түмүгэр, эмсэҕэлээччи сымыйа брокер тугу этэрин толорбут, төлөпүөнүгэр хас да сыһыарыыламмыт уонна, дьэ, харчытын уган барбыт. Түөкүттэр сүбэлэринэн өссө кирэдьиит ылбыт уонна харчытын ыйыллыбыт счекка ыыппыт. Онтон дохуотун ылаары гыммытыгар, мэктиэһит көрдөөн турбуттар. Онуоха бу эмсэҕэлээччи ыалын ыйан биэрбит. Аны, ыалынаан түөкүттэр счеттарыгар харчы ыыппыттар. Ол кэннитэн баан үлэһиттэрэ саарбах операцияны бэлиэтии көрөн тохтопуттар уонна кинилэр түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр. Бу кэмҥэ эмсэҕэлээччи номнуо 504 тыһ. түөкүттэргэ ыытан олорор эбит.
Түөкүттэр, аны, «Энергосбыт» үлэһиттэрэ аатыран предприниматель киһиэхэ төлөпүөннээбиттэр. Счетчигын уларытар наада буолбутунан, сайаапка суруйарыгар эппиттэр. Эмсэҕэлээччи итэҕэйэн, төлөпүөнүгэр кэлбит коду этэн биэрбит. Ол кэнниттэн баан сымыйа үлэһитэ эрийэн бааны кытары үлэлэспэтэҕинэ счета, баайа-дуола кутталланарын туһунан куттаабыт. Ол түмүгэр, эмсэҕэлээччи түөкүттэр ыйалларын-кэрдэллэрин толорбут, кинилэр счеттарыгар 500-тэн тахса тыһ.солк. ыыппыт.
Ытыктабыллаах гражданнар! Төлөпүөҥҥүтүгэр билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ ылымаҥ, билбэт дьоҥҥутун кытта кэпсэтимэҥ. Төлөпүөнүнэн билбэт дьоҥҥут тугу этэллэрин, ыйалларын-кэрдэллэрин толорумаҥ. Түөкүттэр араас угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…