Түөкүттэртэн сэрэниҥ!

Share

Аныгы технология сайдыытын кытта тэҥҥэ онно сыһыаннаах түөкүннээһин эмиэ элбиир. Ааспыт нэдиэлэ дааннайынан түөкүттэргэ Саха сирин 10 олохтооҕо албыннаппыт.

Уоруллубут харчы суумата 6 мөл. солк. куоһарда. Түөкүттэр угаайыларыгар биэнсийэлээхтэр, иитээччи, суоппар, куруусчук, системнай администратор, муоста сууйааччыта киирэн биэрдилэр. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.

Саамай улахан сүтүктээх сууманы инвестицияҕа харчы үлүннэрэн ылаары үс киһи 3,6 мөл. солк. кэриҥэ харчыларын сүтэрбиттэр.«Госуслуги» портал, Киин баан үлэһиттэрэ буолан кубулунан түөкүттэр икки киһиттэн 1 мөл. солк. тахса суума харчыны уордулар. Итини сэргэ Саха сирин олохтоохторо социальнай ситимнэргэ аккауну сөргүтэргэ, куйаар ситимин нөҥүө баантан кирэдьиит ылаары уонна авиабилиэт атыылаһаары харчыларыттан маттылар. Түөкүттэртэн сэрэниҥ.

Түөкүттэртэн хайдах харыстанабыт?

Арай эйиэхэ баантан, полицияттан, билбэт нүөмэргиттэн ким да эрийдин, эн, бастатан туран, уоскуйуохтааххын. Өйгүн-төйгүн булунан баран, аймаҕыҥ, оҕоҥ туһунан этэр буоллахтарына, бэйэҥ дьоҥҥор сибээскэ тахсыахтааххын. Иккиһинэн, атыы-эргиэн саайтарыгар табааргын ыыта иликтэринэ, харчы ыытартан туттунарыҥ ордук. Түөкүттэр арахпакка эрийэр буоллахтарына, суһаллык 102 эбэтэр 112 нүөмэрдэргэ эрийэргин умнума! Ханнык да түгэҥҥэ каартаҥ нүөмэрин, пааспарыҥ дааннайдарын этэргэ ыксаама.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

5 часов ago