Саха тылын учууталларын сийиэһин чэрчитинэн СӨ Үрдүкү Сэбиэтэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” СӨ Сокуонун ылыммыта 30 сылын туолуутугар анаммыт өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туһуламмыт бырайыактары сүрэхтээһин А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытылынна.
4 хайысханан 26 бырайыагы кэпсээтилэр. Ол курдук, РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэргэ уонна Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын института, “Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун мусуойа”, “Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо кыһата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, “Саха” НКИХ, “Терра” этнокултуура киинэ, “Саха норуотун материальнайа суох култууратын нэһилиэстибэтин иһитиннэрэр-чинчийэр киинэ, “Айар” кыһа, өрөспүүбүлүкэ Национальнай бибилэтиэкэтэ, С.Н.Донской-II аатынан үөрэхтээһини сайыннарыыга уонна идэни үрдэтиигэ института кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ тас сибээскэ миниистирин солбуйааччы Татьяна Пяткина киирии тылыгар тылы сайыннарыы кэлэр кэми түстүүрүн санатта. “Ийэбит, аҕабыт тыла олус кэрэ”, – диэн санааны саалаҕа мустубут дьоҥҥо тириэртэ.
Сүөһү иитиитин, суут-сокуон тылдьыттара…
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» бырагырааматынан салайтаран, быйыл РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун үлэһиттэрэ “Сүөһү иитиитэ” диэн сахалыы-нууччалыы тиэрмин тылдьытын бэлэмнээн бэчээккэ таһаарбыттарын туһунан Федор Дьячковскай иһитиннэрдэ.
Ю.М.Борисова (көлө тиэрминнэрэ), Н.И.Данилова, Ф.Н.Дьячковскай, А.М.Николаева (сүөһү иитиитин сүрүн тиэрминнэрэ), Ф.Н. Дьячковскай,
Н.И. Попова (үүттэн, эттэн, балыктан оҥоһуллар астар ааттара) ааптардарынан буолаллар.
Этиллибит бырагыраама чэрчитинэн 2013 сыллаахха 6 сахалыы-нууччалыы тиэрмин тылдьыта тахсыбыт, ол кэннэ 2016 с. электроннай көрүҥүнэн 4 тылдьыт тахсыбыта (“География”, “Тулалыыр эйгэ”, “Төрүт култуура”, “Технология”).
Тыа хаһаайыстыбатын салаата, наука уонна олох атын хайысхаларын курдук, туспа анал тиэрминнэрдээх, сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах сахалыы төрүт тиэрмин аҕыйаҕа суох. Олору сөргүтэр уонна тарҕатар сыалтан бу тылдьыт оҥоһуллубут. – Тылдьыкка, сүрүннээн, саха норуота түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьар дьарыгар – ынах сүөһүнү, сылгыны иитиигэ, ону тэҥэ табаны көрүүгэ-харайыыга сыһыаннаах тиэрмин тыллара киирдилэр. Бу тыллар бөлөхтөрүгэр сыһыаран үүттэн, эттэн, балыктан оҥоһуллар төрүт ас-үөл ааттара, көлүллэр көлөҕө туттуллар анал тыллар, кинилэри үйэтитэр сыалтан, эбии хомуллан, сааһыланан киирдилэр.
Тылдьыт сүрүн олоҕунан Институт рукописнай пуондатыгар харалла сытар Николай Владимирович Скрыбыкин “Тыа хаһаайыстыбатын тиэрминнэрин сахалыы-нууччалыы тылдьыта. I чааһа. Сүөһү иитиитин тиэрминнэрэ” диэн үлэтэ буолла. Бу үлэ 1970 сылларга оҥоһуллубут буолан, нууччаттан киирии тиэрмин үгүстүк туттуллубут уонна урукку орфографияҕа олоҕуран суруллубут. Ол иһин эбии ыйынньыктартан, атын да тылдьыттартан, сүрүннээн, Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыттан киирдилэр.
Тылдьыкка барыта 3000 тахса тиэрмин киирдэ. Тиэрминнэри таба суруйууга 2015 сылга тахсыбыт “Сахалыы таба суруйуу тылдьыта” тирэх буолла. Тылдьыт сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо, нэһилиэктэргэ, улуустарга, агро-оскуолаларга туһалаах буолуо, – диир Федор Дьячковскай.
Саха сиринээҕи Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин бастакы солбуйааччы Василий Борисов “СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын интерактивнай мусуойа” диэн тиэмэни сырдатта. Саха сирин норуоттарын 6 тылынан үөрэтиигэ анаан-минээн разделы арыйан, үөрэтэр тылгын талан ыларгар табыгастаах гына оҥорбуттар.
Лилия Бэчигэн “Сахалыы” диэн бырайыагы 2021 сыллаахха оҥорон, грант ыларга үлэлэспит. Бу сыһыарыылара биэс салааттан турар: уруоктар, викториналар, грамматика, тылдьыт, копилка. Бырайыактарын үлэлэтэллэригэр Халан, Гаврил Торотоев, Гаврил Андросов сүбэлээбиттэр. Бу сыһыарыы көмөтүнэн 8-тан үөһээ саастаах оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ, учууталлар туһаналлар. Манна 87 уруок киирбит. Сыһыарыыларын тас көстүүтүн (дизайнын) киһи сэргиир гына оҥорбуттар. Манна “Бэргэн” диэн ааттаах эһэчээн баар.
Суут-сокуон тылыгар нууччалыы-сахалыы тылдьыт туһунан Семен Гаврильев кэпсээтэ. Кини этэринэн, суукка дьыала-уолу сахалыы тылынан ыытыллыан сөп. Онон сахалыы терминнэр бу салааҕа олус наадалаахтар. Тылдьыты бэлэмнээһиҥҥэ суут-сокуон идэлээхтэрэ, тылбаас кафедратыттан, суут тылбаасчыттара кыттыбыттар. Дьоҥҥо олус туһалаах тылдьыкка ханнык тыллары киллэриини чопчулаабыттар, тылдьыкка сыанабыл, ырытыы оҥоһуллар. Дьэ, ол кэнниттэн сыыһата-халтыта көннөрүллэн, тылдьыт барыла бэлэм буолуохтаах. Дьиҥэ, 1980 с. тахсыбыт “Русско-якутский юридический словарь” диэн баар эрээри, билиҥҥи таба суруйууга ситэ эппиэттээбэт диэтэ Семен Леонидович. Тылдьыт суох буолан, араастаан тылбаастыы олорбуттарын аҕынна.
Ыйытыктары ыытыы көмөлөөх
Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт норуоттарын тыллара-өстөрө хайдах сайдарын, туох харгыстыырын, ситиһии баарын билэргэ ыытыллар ыйытыктар олус көмөлөөхтөрүн Наталья Захарова кэпсээниттэн иһиттибит. Бу ыыппыт чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, национальнай кылаастарга төрөппүттэр оҕолорун үөрэтиэхтэрин баҕарбаттара көстөр. Дьүкээгир тылынан Аллараа Халымаҕа уонна Үөһээ Халыма Нелемнэйигэр эрэ 1-11 кылааска диэри үөрэтэллэр эбит. Дьиҥэ, төрүт норуоттар тылларын үөрэтиигэ бэлиэтиир бырааһынньыктара: “Туундара тыллыыта”, “Күнү көрсүү”, “Таба бырааһынньыга” уо.д.а. төһүү буолаллар. Кинигэни ааҕыы бырыһыана эмиэ намыһах. Респонденнар 1 % – дьүкээгирдии, 2 % – эбэҥкилии, 2,5 % – эбээннии, 27 % сахалыы ааҕаллара бэлиэтэммит. Ыйытыллыбыт дьонтон 82 бырыһыана нууччалыы кинигэни ааҕарын ордорбут.
“Саха сирин култууратын кода” бырайыак туһунан Ангелина Кузьмина билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, бырайыак ийэ тылынан ааҕыыны, төрүт үгэстэри сөргүтүүгэ көмөлөһөр. Кэмиттэн кэмигэр ааҕар 581 оҕо баарын бэлиэтээтэ. Сорохтор сахалыы сатаан аахпаппыт” эбэтэр “сөптөөх аныгы кинигэ суох” диэн куоһурданаллар эбит. Ютуб-ханааллары 28671 киһи көрөр, саайтары – 30703 киһи.
Бу тэрээһиҥҥэ оһуокай оскуолата баар буолбутун сэргээтилэр. Айталина Мойтохонова, 13-15 сааһыгар оҕоҕо улахан болҕомтону ууруохтаахпыт диир. Үөһээ Бүлүү интэринээтигэр олорон, оһуокайга үөрэнэллэр. Бүлүүлүү оһуокайы дьон чугастык ылынар буолан, түөлбэ оһуокайын өрө тутуохпут диэн кини санаалаах. Бырайыактарын быһыытынан оҕолору лааҕырга мунньан уһуйааччылар үөрэтиэхтэрэ. 12 оҕону түмэн, биир нэдиэлэ дьарыктыахтаахтар, бүтэһигэр 8 оҕо сүүмэрдэнэн хаалыахтаах. Кинилэр хоһуйууну баһылаан тахсыахтаахтар.
Василий Бочкарев саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын туһунан кэпсээбитин сэргээтилэр. 15 туомнаах, 80 тыһ. тыллаах, 20-тэн тахса киилэ ыйааһыннаах тылдьыт буоларын аҕынна. Электроннай көрүҥэ киирбит. Онон аан дойду хайа баҕарар муннугар олорон туһанарга табыгастаах. Бу улахан ситиһии. Тылдьыкка тылы араас бэлиэлэринэн – холбуу тыллар, омонимнар уо.д.а. көрдөөн ылан туһанарга табыгастаах буолбут. Тас көстүүтэ киһи хараҕын аалбат, туһанааччы дьэрэкээн ойууга аралдьыйан хаалбатын курдук оҥорбуттар. Өссө куолас синтезатора киирбит. Ол, холобура, атын омук киһитэ (нуучча) үөрэтэригэр табыгастаах буолбут.
Ити курдук, сэргэх бырайыактары билиһиннэрдилэр.
Хаартыска: СӨ Тас сибээскэ министиэристибэтин саайтыттан.
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …