Тымныы оҕуһун муоһа кыларыйар

Share

Бүгүн тохсунньу 31 күнүгэр, саха итэҕэлинэн, Тымныы оҕуһун муоһа кыларыйар, уһуга тостон сыппыыр. Тоҕус ыйдаах кыһыммыт томороон тымныыта кыратык да буоллар уҕарыйар. Саха омугар кыһын Тымныы оҕуһун уобараһынан бэриллэр. Атыннык Дьыл оҕуһа диэн эмиэ ааттанар. Саха киһитэ, былыр, кыһыны туораатаҕына, дьыл бүттэ диэн ааҕара, саҥа сылга үктэнэрэ.

Тымныы оҕуһун «былааһа» сыппааһынын  туһунан бэлиэтээһиннэр:

Тохсунньу 31 күнэ — кылаана кыларыйар.

Олунньу 12 күнэ — оҕус бастакы муоһа тостон, ыарыыланар, тымныы түһэр.

Олунньу 24 күнүгэр иккис муоһа тостор, онон тымныы мүлүрүйэр.

Кулун тутар 7 күнүгэр моонньоох баһа быстар. Халлаан тыалырар. Хаҕыс күннэр тураллар. Кулун тутар 19 күнүгэр – оҕус көхсө тостон, салгын сылыйан барар. Гаврил Угаров этэринэн, Тымныы оҕуһа моонньоох баһа быстыбат, өлбөт, Хотугу муустаах байҕалга түһэр уонна онно сайылаан, күүс-уох мунньунан баран кыһын төннөн кэлэр.

Көстөрүн курдук, барыта 12-лии күнүнэн быысаһан сааспыт кэлэр. Сылаас күннэргэ дылы хаалбыт  48 күҥҥэ сылаастык таҥнын, Тымныы оҕуһа өссө да “күүстээх”.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

13 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

14 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

14 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

15 часов ago