Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө хочуолунайдар ититиини балаҕан ыйын 6 күнүгэр биэриэхтэрэ

Share

Бу күннэргэ тымныытынан аатырар Тымныы полюһугар — Өймөкөөҥҥө сытыы тыал, күн аайы ардах түһэ турар. 

Онон олохтоохтор хаһааҥҥытааҕар да ититииини кэмигэр биэрэллэрин күүтэллэр. «Теплоэнергосервис» ХЭТ хочуолунайдарыгар ититии сезона балаҕан ыйын 6 күнүттэн саҕаланыаҕа. Бу туһунан «Теплоэнергосервис» АУо Өймөкөөннөөҕү салаатын салайааччыта Максим Ямщиков иһитиннэрдэ.

Биһиэхэ быһаччы холбоммут эбийиэктэр бары сылааһынан хааччыллыахтара, бастатан туран, бу социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ – уһуйаан, оскуола, балыыһа уо.д.а. Оттон олорор дьиэлэргэ улуус киинигэр – управляющай хампаанньалар, нэһилиэктэргэ – хочуолунайдар маастардара дьаһайыахтара, — диэн Максим Ямщиков бэлиэтээтэ.

Онон Өймөкөөҥҥө ититии сезона кэмигэр саҕаланарын олохтоохтор эрэнэ кэтэһэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

58 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago