Хаартыска -- Наталья Реброва тиксэриитэ.
Бу күннэргэ Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһугар саҥа хочуолунай үлэҕэ киидэ.
Онон быйылгы чысхаан тымныыны Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн олохтоохторо саҥа хочуолунайдаах көрсөллөр. Хочуолунай тэрилин аҕалыыны икки сыллааҕыта нэһилиэк олохтоохторо бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) киллэрбиттэрэ.
Ол түмүгэр тэрил кэмигэр атыылаһыллан, тиэйиллэн, барыта силигин сиппитэ. Быйыл бэс ыйыгар исписэлиистэр ТЭС инвестиция бырагырааматыгар олоҕуран, хочуолунайы таҥан барбыттара. Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыга Павел Васильев иһитиннэрбитинэн, бу күннэргэ икки тыын социальнай эбийиэк — нэһилиэк кулууба уонна уһуйаан, ону тэҥэ 30 кэтэх олорор дьиэ, үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ саҥа хочуолунай тиһигэр холбоннулар.
Модульнай хочуолунай үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома суолталаах историческай түгэн быһыытынан сэтинньи саҥатыгар ыытыллыаҕа.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…