Тымныы полюһун Чысхаана Москваҕа Елена Малышева биэриитигэр кыттыыны ылла

Share

Бу күннэргэ Тымныы  хаһаайына Чысхаан Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн айанаан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа тиийэн Пиэрибэй телеханаал ыытааччыта Елена Малышева «Жить здорово!» биэриитигэр кытынна. 

Чысхаан — Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун туристическай брендинэн буолар. Чысхаан уобараһын сирэйдиир, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр Өймөкөөн улууһунааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын методиһа Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ бу бэлиэ түгэн туһунан маннык кэпсээтэ:

Пиэрибэй  телеханаал ыытааччыта Елена Малышева ыҥырыытынан Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһуттан Москуба куоракка Чысхааны «Жить здорово!» аатырбыт биэриигэ уһуллулар.  Саҥа дьыллааҕы биэриигэ хоту сир төрүт аһын туһунан кэпсэтии буолла. Ордук кыһыы балык уонна тоҥ балыктан оҥоһуллар «Индигииркэ» салаат туһатын туһунан бэрт сиһилии быһааран кэпсээтилэр. Ол курдук «Жить здорово!» биэрии быраастара «Индигииркэ» салаат ордук сүрэххэ олус туһалаах аһылык буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Биэриигэ Саха сирин аатыттан Чысхааны арыаллааһыҥҥа Москваҕа үөрэнэр устудьуоннар үҥкүү бөлөхтөрө кыттыыны ылла. Саха куукунатын уонна үгэстэрин туһунан Москубаҕа олорон үлэлиир суруналыыс Альбина Пермякова көрөөччүлэргэ саха аһын туһунан билиһиннэрдэ.

Хаартыска: Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ тиксэриитэ.

Оттон Саха сирин постпредствотын юриһа Илья Жирков хомуска оонньоон эҕэрдэлээтэ, саха култууратын билиһиннэрдэ. Чысхаан ыытааччыга «Индигииркэ» салааты астааһыҥҥа сүбэ-ама биэрдэ уонна  үгэһинэн Саха сирин дьонун аатыттан үүнэн иһэр Саҥа 2025 сылынан итии истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ.

Хаартыска: Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ тиксэриитэ.

Тымныы хаһаайынын Чысхаан Москубатааҕы сырыыта салгыы салҕанар. Ол курдук, сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр,  ВДНХ-ҕа буолар Саҥа дьылллааҕы харыйалары күлүмүрдэтии тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылыаҕа, онтон кэлэр нэдиэлэҕэ Москубатааҕы Тымныы Оҕонньоттор уһаайбаларыгар буолар тэрээһиҥҥэ кыттыаҕа. Дьэ, ити курдук, улуу куораппытыгар Москваҕа кыһыҥҥы туризм брендинэн буолбут Тымныы полюһа Өймөкөөн Чысхаана уонна «Индигииркэ» салаат Саха сирин дорҕоонноохтук ааттата сылдьаллар!

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хомус тыаһа дууһатын кылын таарыйан, ыалдьыты ытатта…

Бу күннэргэ "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээлгэ киин куорат эрэстэрээннэрэ саха төрүт аһын эрэ буолбакка,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай куорат сынньанарга мөкү миэстэлэрин испииһэгэ таҕыста

Дьокуускай куорат дьаһалтатын Административнай хамыыһыйата 2024 сыл ааспыт ыйдарын түмүгүнэн «бэрээдэгэ суох» 10  түүҥҥү аһыыр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ «Аһаҕас аан күнүн» ыыталлар

Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа Аллайыаха улууһунааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго аналлаах «Ытык күөл кистэлэҥэ» аудиокинигэ таҕыста

В.Г. Белинскэй аатынан краеведческай бибилэтиэкэҕэ эко-фэнтези талааннаах ааптара Анастасия Дарбасова-Данилова «Ытык күөл кистэлэҥэ» («Тайна священного…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго «ЗИМАFEST» тэрээһин ыытыллыа

 Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, «Саҥа дьыл Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, аан бастаан «ЗИМАFEST» тэрээһин…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сахалыы  сайаҕастык саҥаны иһиттэхтэринэ, сүргэлэрэ көтөҕүллэр, харахтара сырдыыр

Бүлүү дэлэгээссийэтин кытта байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө илдьиһэн иһэн, бириэмэ көстүбүччэ, Москваҕа Саха…

2 часа ago