Тымныы полюһун Төрүтүгэр дьахталлар сылаас сыһыаннарыттан дьон үөрэр (ВИДЕО)

Тымныы полюһун Төрүтүгэр дьахталлар сылаас сыһыаннарыттан дьон үөрэр (ВИДЕО)

10.12.2022, 13:26
Бөлөххө киир:

Быйыл Ийэ сылынан сибээстээн Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин  көхтөөх дьахталлара мустан, дьахтар сэбиэтин саҥа састаабын талан, көхтөөх үлэни тэрийэргэ санаммыттара.

Онуоха быйыл Өймөкөөн улууһун 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин төрөөбүтэ 185 сылынан сибээстээн, улууска Үтүө дьыала сыла биллэриллэн, ийэлэр уонна эбээлэр үлэлииллэригэр кынаттаммыт курдук буолбуттара.

Быйылы быһа дьахтар сэбиэтэ үгүс үлэни ыытта. Кураанах турбут биир дьиэни өрөмүөннээн, мустар, сүбэлэһэр, дьарыктанар хонтуора оҥостубуттара. Дьиҥэр, эттэххэ эрэ «хонтуора», киһи кута-сүрэ тохтуур мааны бэйэлээх дьиэҕэ, кырдьык да, чэйдии-чэйдии айыаххын-тутуоххун эрэ баҕараҕын.

Бу күннэргэ дьахтар сэбиэтэ Ийэ  уонна Үтүө дьыа сылларыгар анаан  Инбэлииттэр дэкээдэлэригэр инбэлиит бэтэрээннэргэ, соҕотох олорор инбэлииттэргэ  сэбиэт дьахталлара сүбэлэһэн баран хас биирдиилэрэ ас-үөл хомуйан анал бэлэх оҥордулар.

«Барахсаттар наһаа  үөрдүлэр, «быйылы быһа кэһиилээн  маанылаатыгыт» диэн махтаннылар.  Кыргыттар бары ким тоҥ балык арааһын,  иэдьэгэй, тоҥ үүт, эт,  пельмень, укуруоп, хаппыыста, хортуоппуй, кэмпиэт, бурдук ас кыттыһан,  7 ийэҕэ үллэрэн, бэлэх оҥордубут.

Маны таһынан, үстэн ийэлэргэ тус аадырыстаан   улуустааҕы хаһыаттарга суруттардыбыт. Тус махталбытын тиэрдэбит икки күнү быһа толору тоҥ астаах баалынайы соспут  күүстээх кэрэ сҥаарбытыгар Октябрина Столярчикка», — диэн дьахтар сэбиэтин салайааччыта Уруйдаана Егорова бэйэлэрин батсаап бөлөхтөрүгэр суруйда.

Инбэлиит дьон Төрүт дьахталларын сылаас сыһыаныттан бу күннэргэ санаалыын чэпчээтилэр.

Салгыы видео-устууну көрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: