Тымыр киинэ Арассыыйаҕа биир бастыҥынан билинилиннэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин тымыр киинэ Арассыыйаҕа үһүс миэстэни ылары ситистэ. Бу туһунан Арассыыйа бастакы неврологическай кэнгириэһин кэмигэр иһитиннэрдилэр.
Суһал мэдиссиинэ көмөтө туһалаах буолара үксүгэр ыарыһах быраас илиитигэр төһө түргэнник киирбититтэн тутулуктаах. Хирурдар киһи олоҕун быыһыырга хас да чаастаах эпэрээссийэлэри оҥороллор. «Арассыыйаҕа үлэлиир 168 эрэгийиэннээҕи сүрэх-тымыр кииниттэн биһиги үһүс бочуоттаах миэстэни ыллыбыт. Биһиги балыыһабыт исписэлиистэрэ саҥа ситиһиилэргэ, кыайыыларга бэлэмин көрдөрдүбүт», -– диэн неврология отделениетын сэбиэдиссэйэ, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин штаты таһынан сүрүн исписэлииһэ Саргылана Шарина иһитиннэрдэ.
Тымыр киинэ эмтэнээччилэр төһө кыалларынан атахтарыгар түргэнник туралларын уонна күннээҕи олоххо төннөллөрүн туһугар, хайыы үйэ 13-с сылын биир кэлим үлэни ыытар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: