Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин быраастара олунньу 8-9 күннэригэр Томпо уонна Таатта улуустарын Оройуоннааҕы киин балыыһатын терапевт, реаниматолог-анестезиолог, кардиолог быраастарыгар, мэдиссиинэ суһал көмөтүн ыстаансыйатын биэлсэрдэригэр сэминээр ыыттылар.
Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин салайааччыта Филипп Герасимов, неврология отделениетын сэбиэдиссийэ Саргылана Шарина, суһал кардиология кардиолог-бырааһа Александра Семенова көһө сылдьан үөрэтэр сэминээргэ мэйиигэ хаан эргииригэр тахсар кэһиллиилэри эмтииргэ телемэдиссиинэ технологиятыгар маастар-кылаастары ыыттылар. Сэминээргэ 40-ча исписэлиис кытынна.
«Оройуоннааҕы Киин балыыһа бырааһа биһиги Кииммитигэр тэлэмэдиссиинэ сибээһинэн “былыттаах поликлиниканан” сибээскэ тахсар уонна эмтэнээччини бииргэ көрөбүт. Чопчулаан эттэххэ, сибээскэ ханнык баҕарар идэлээх быраас тахсыан сөп. Көмпүүтэр томографиятын түмүктэрэ эмиэ “былыкка” (АРХИМЕД) киллэриллэллэр, ону тымыр эрэгийиэннээҕи киинин невролог уонна рентгенолог быраастара көрөллөр.
Биһиги көһө сылдьар сэминээрбит үчүгэй түмүктээх буоларыгар эрэнэбит. Биһиги тэрээһиннэрбит барыта өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын харыстабылыгар уонна туруктара тустарын туһугар ыытыллаллар”, — диэтэ Филипп Герасимов.
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…