Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Кытайга гастролларын ситиһиилээхтик түмүктээтэ
Өрөспүүбүлүкэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра (ТЮЗ) быйыл алтынньы 22-26 күннэригэр Кытайга гастролларын ситиһиилээхтик түмүктээтэ.
Артыыстар Хэйлунцзян провинциятын Цзямусы, Фуцзинь уонна Фуюань куораттарыгар «Дьол тааһа» испэктээги көрдөрдүлэр. «Испэктээк иһинэн Кытай көрөөччүтүгэр Саха сирин хотугу норуоттарын туһунан кэпсиир көрдөрүү буолла. Онно саха култуурата, мифологията уонна төрүт үгэс уобарастара, дьаралыктара ойууланар», — диэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата ТГ-ханаалыгар суруйар.
Тыйаатыр үлэһиттэрэ Кытай олохтоохторо испэктээги олус интэриэһинэй диэн биллэрбиттэрин уонна санааларын үллэстибиттэрин бэлиэтээтилэр. «Биһиги култуурабытын Кытай көрөөччүлэрэ сэҥээрэллэрин көрдүбүт. Бу норуоттар икки ардыларыгар култуураны билиһиннэрии олус суолталааҕын туоһулуур»,-диэн тыйаатыр үлэһиттэрэ үллэһиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: