Түүл туһунан кэпсэтии буоллаҕына, “үчүгэй түүлү кэпсиэххэ сөп дуо?”, “оттон куһаҕаны?”, “түүлбэр куруук биири көрөбүн”, “дьон өҥнөөх түүлү көрөр буоллаҕына, мин куруук өҥө суоҕу көрөбүн” о.д.а. ырытыһыы бөҕөтө буолабыт. Маны наука өттүнэн билиҥҥээҥҥэ диэри чопчу маннык эбит диэн быһаара иликтэр.
Үгүс учуонайдар итиннэ туох да кистэлэҥ суох, түүлбүтүгэр күнүскү олох сабыдыала көстөр диэн быһаараллар. Ол аата, киһи күн устата тугу саныы сылдьыбыта, төбөтүн тугунан сынньыбыта түүлүгэр көстөр диэн. Киһи өйө-санаата онно олоҕуран түүлү оҥорон таһаарар эбит. Ону ылан сөпкө тойонноотоххо, инники олоххо көмө оҥостуохха, сирдэтиниэххэ сөп.
Түһээбиттэрин сөпкө тойоннуур дьоҕурдаах дьон инники олохторугар туох былааннанарын өтө көрүөхтэрин, сэрэтиини таба туһаныахтарын сөп. Онно үөрэнэн хаалан, “чэ, түүлүм көрдөрүөҕэ”, “түүлбэр көстөрүн күүтэбин” диэн этэллэрин кытта истэн турардаахпын. Бэл, сүппүт мал ханна кистэнэн сытарын, түөкүн угаайытыгар киирэн биэриини, суол быһылаанын кытта түүлгэ көрбүт-истибит буолаллар.
Иччилээх түүл баарын туоһулуур икки түбэлтэни суруйуум.
Хас даҕаны сыллааҕыта хаһыаппыт Уйбаан диэн ааҕааччыта ураты түүлүн туһунан маннык диэн кэпсээн турардаах: “Бу түбэлтэ 2000 сыллар саҕаланыыларыгар буолбута. Мин оччолорго үһүс кууруһу бүтэрэн, сайыҥҥы быраактыкам кэнниттэн дойдубар сынньана тахсыбытым.
Дьонум оттуу барбыттара, онон дьиэҕэ соҕотох хаалбытым. Ийэм сорудаҕынан оҕуруокка уу куппутум уонна дьиэ иһин-таһын хомуйдум. Сарсыарда дьоммун атаараары, эрдэ уһуктубут буоламмын, сылаам киирбитэ сүрдээх. Тэлэбиисэр иннигэр эргэ дьыбааҥҥа киинэ көрбүтэ буола олорон утуйан хаалбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым.
Ол сытан, арай, дьикти түүлү түһүүбүн, санаабар, илэ курдук. Икки сыл бэйэбиттэн аҕа тастыҥ убайдааҕым. Кинилиин оҕо эрдэхпититтэн олус чугас этибит, ханна да буоллун куруук бииргэ буоларбыт. Бэл, оскуолаҕа үөрэнэ киириэхпитигэр диэри игирэлэрбит дии саныырбыт. Убайым устудьуоннуу сылдьан, хара дьайдаах дьон илиитигэр түбэһэн, эдэр сааһыгар суорума суолламмыта. Онно мин айманнахпын, абардахпын, кыыһырдахпын. Сууттаһан да дьыаланы кыайбатахпыт, өлөрүөхсүттэр билиҥҥэ диэри көҥүлгэ сылдьаллар. Чэ, түүлбэр төннүүм.
Түһээтэхпинэ, убайбын кытта оҕо сааспытыгар эргиллибиппит. Иккиэн эбэлээхпит дьиэлэрин таһыгар оонньуу сылдьабыт. Арай эмискэ халлааҥҥа хара былыттар сабардаан кэлэллэр, этиҥнээх дохсун ардах түспүтүнэн барар. Убайым миигин кууркатынан бүөлээн, ардахтан хаххалыы сатыыр. Ол сылдьан ааппынан: “Уйбаанчык! Уйбаанчык!” – диэн ыҥыр да ыҥыр буолар. Мин “аттыгар баарбын дии, тоҕо ыҥырар” дии саныыбын. Аны эмискэ санныбар ынырык күүскэ саайда уонна илиибиттэн тардыбытыгар соһуйан олоро биэрдим, уһугуннум. Түүлбүн саныы олордохпуна, дьиэҕэ киирэр аан диэкиттэн убайым миигин ыҥырар саҥата иһилиннэ. “Эс, хайдах буолум, өссө да уһукта иликпин дуу?” – диэт, саҥа хоту туран хаамтым. Дьыбааммыттан туран, икки-үс хардыыны оҥорооппун кытта, дьиэбит өһүөтэ икки аҥы хайдан, тыас-уус бөҕөтө буолан, дьыбааным үрдүгэр күрүлээн түстэ. Мин соһуйан көрөн эрэ хааллым. Куттанан, уҥуоҕум халыр босхо барда уонна таһырдьаны былдьастым.
Таһырдьа тахсан, туохха түбэспиппин, түүлбүн саныы олордохпуна, дьонум тиийэн кэллилэр. Мин сирэйим-хараҕым турбутун көрөн, туох буолбуппун ыйыталастылар, аны кэпсээбиппэр улаханнык итэҕэйбэтилэр.
Ол да буоллар, миигин ол айылаах маска баттатарбыттан убайым ыҥыран быыһаммытым диэн саныыбын. Чугас дьоммут үөһэттэн көрөн, биһигини араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьалларыгар итэҕэйбитим”.
Оттон бу быһылаан өрдөөҕүтэ Бүлүү бөлөх улууһун түгэх нэһилиэгэр буолбута диэн билэр киһим кэпсээбитэ. Кини оччолорго дьиэ кэргэнинээн соҕуруу санаторийга сынньана көтүөхтээхтэр эбит. Үйэлэригэр маннык сынньана барбатах дьон үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуттар. Ол быыһыгар ыспыраапка ситиһиитэ, барыы-кэлии даҕаны ханна барыай.
Көтөр күннэрэ бу тирээн кэлбит. Арамаанаптар чымадааннарын хомунан, сарсын Дьокуускайга аттаныахтаахтар. Арай, дьэ, докумуоннаах паапканы көрүү-истии, докумуону оннугар булларыы буолбутугар өйдөөн көрбүттэрэ, били авиа-билиэттээх, пааспардаах дьэҥкир паапкалара ханна даҕаны суох! Дьэ, доҕоор, иһирдьэнэн-таһырдьанан көрдөөһүн, бүтэһигин ону ким көрбүтүн сураһыы саҕаламмыт. Кыралыын-улаханныын күнү быһа көрдөөбүттэр – булбатахтар. Докумуоннаах паапка ууга тааһы бырахпыттыы симэлийбит. Аҕалара барахсан муоста быыһыгар түспүтэ буолуо диэн, муостаны кытта көтүрэн көрбүт.
Уонча сылы быһа ыраламмыт баҕа санаалара таах хаалаары гыммытыттан кыһыйан да хайыахтара баарай. “Чэ, куоракка тиийдэхпитинэ, ааҕыныстыбаттан куоппуйаларын көрдөһөн көрүөхпүт” диэн быһаарыммыттар.
Сарсыарда буолбут, такси тиийэн кэлбит. Таҥныы-симэнии, хомунуу быыһыгар кыра кыыстара: “Пааспардардаах паапкабыт ыскаап кэннигэр түһэн хаалбыт диэн түүлбэр көрдүм. Ол эрээри, хайа ыскаабын өйдөөбөппүн”, – диэччи буолбут. Арамаанаптар эрэллэрэ бүтэһигинэн уостар. Бары дьиэнэн, күүлэнэн ыскаап кэннилэрин өҥөҥнүү ыстаналлар. Соһуйуохтарын иһин, күүлэҕэ баар тас таҥастарын устар ыскааптарын кэнниттэн дьэҥкир паапка көстөн кэлэр. Ким, хаһан онно аҕалан бырахпыта биллибэт. Дьэ, дьикти!
Омук-омукка түүнү тойоннооһун уратылаһар эбит. Холобура, нуучча омукка киэргэли кэтиини, симэнэри үтүөнү, кэрэни эрэ түстүүр диэн билгэлииллэр эбит. Дьахтар түүлүгэр киэргэл бэлэхтэттэҕинэ, баайдаах-дуоллаах эр киһиэхэ эргэ тахсар диэн быһаараллар.
Оттон сахалар түүллэригэр киэргэл, симэх кэппит буоллаххына, бэйэҕин олус үрдүктүк сананар буолуоххун сөп диэн тойоннууллар. Киэргэл бэлэхтэттэххинэ, харчыгын элбэхтик туһата суохха туттуоҥ диэн нууччаларбыт быһаарыыларыттан төттөрүтэ буолан тахсар.
Бу туһунан “Сахаларга түүлү тойоннооһун” диэн 2000 сыллаахха “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар Иван Каженкин ааптардаах кинигэҕэ эмиэ бэчээттэнэн турар: “Омуктарга сири хаһар үчүгэйи, баайы аҕалар эбит буоллаҕына, сахаларга мөлтөхтөн атыны аҕалбат. Ити уратыта диэн сахалар былыр-былыргыттан сир кырсын, от үүнэр сирин алдьатан, буору элбэхтик таһааран, күөх үүнээйи үүммэт оҥорору сөбүлээбэттэриттэн тутулуктаах. Араас омуктар түүллэрин уратылара бу омуктар баҕа санааларыттан, тулалыыр эйгэлэриттэн уонна олохторун таһымыттан тутулуктаах. Итилэр кыралаан да буоллар омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах сыһыаннаахтарыттан көрөн сыыйа маарыннаһан иһэллэр. Онон, киһи көрөр түүлэ омугуттан тутулуга суох буолуохтаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, түүлгэ бэлиэлэринэн көрөн кэпсэтии, өйдөһүү буолар, ол иһин тылынан хос тылбаастыырга наадыйбат. Кэлин дьоннор бары араас туттар тэриллэрэ маарынныыр, үлэлиир, сылдьар сирдэрэ биир уонна өйдөрө-санаалара тэҥнэстэҕинэ, көрөр түүллэрэ эмиэ үүт-үкчү буолуохтарын сөп.
Сахалар сорох омуктардааҕар Айылҕаҕа чугас сыһыаннаахтар. Кинилэр түһээн ыраас халлааны, күөх хонууну уонна бөҕө силистээх күөх тиити үчүгэй буолаары гыннахтарына үгүстүк көрөллөр. Ону кытта үҥэр-сүктэр таҥаралара Күн буолан туох үчүгэй, дьоллоох барыта сырдыгыттан, дьүһүнүттэн олус тутулуктаах, ол иһин маҕан дьүһүн – үчүгэйгэ, онтон туох бороҥуй, хараҥа буолан көһүннэҕинэ – эрэйгэ, мөлтөөһүҥҥэ көстөллөр”.
Аны маны ааһан, түүлү дьыл кэмиттэн, ый ханнык күнүгэр көрөргүттэн эмиэ атыннык тойонноноро үгүс литэрэтиирэҕэ суруллубут эбит.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…