Түүҥҥү кулуупка дьону ытыалаабыт киһини туттулар

Share

Олунньу 18 күнүгэр Нерюнгри куоракка  “Тайга” түүҥҥү кулуупка  биир эр киһи  травматическай бэстилиэтинэн  ытыалаабытын туһунан суһал иһитиннэрии киирэн, полиция үлэһиттэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тута тиийбиттэр. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар. 

Быһылааҥҥа буруйдаах киһини, урут сууттана сылдьыбыт 44 саастаах Нерюнгри куорат олохтооҕун тута туппуттар.  Силиэстийэ көрдөрбүтүнэн, эр киһи  “Тайга” кулууп ыалдьыттарын кытта тыл тылга киирсибэккэ охсуспуттар. Онтон абаран эр киһи таһырдьа массыынатыгар тахсан «травмат» бэстилиэтин ылбыт. Кулуупка киирэн охсуспут дьонун диэки туһаайан хаста да ыппыт уонна куоппут. Икки киһи эчэйиини ылан,  балыыһаҕа  көрдөрбүттэр.

Бу быһылааны силиэстийэлээһин түмүгэр, РФ Холуобунай кодексын 213 ыстатыйатынан (“Күлүгээннээһин”) дьыала көбүтүллүбүт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
5
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago