Учуутал Мария Стручкова 100 сааһын туолла
Тохсунньу 7 күнүгэр Мария Георгиевна Стручкова 100 сааһын туолла. Кинини 100 сааһынан үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Альбина Трубина эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархан аатыттан «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэни туттарда.
Мария Георгиевна 1924 сыллаахха Чурапчы оройуонун Мырыла сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Үйэтин-сааһын тухары учууталынан үлэлээбитэ, оҕолорго нуучча, саха тылларын үөрэппитэ.
Эдэр сылдьан Булуҥ оройуонугар баран үлэлээбитэ, онно олоҕун аргыһын Георгий Иванович Стручковы көрсөн, ыал буолбуттара. Уһуннук, дьоллоохтук олорон, 2008 сыллаахха Бриллиантовай сыбаайбаларын (60 сыл) бэлиэтээбиттэрэ. Уоллаах кыыс оҕолоро кинилэр педагогическай династияларын салгыыллар. Мария Георгиевна билигин 2 оҕолоох, 4 сиэннээх, 4 хос сиэннээх.
Кини үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн, сырдыкка сирдээбитэ. Кини үөрэнээччилэрин истэригэр САССР үтүөлээх учуутала М.Е. Стручкова, ССРС үтүөлээх тириэньэрэ Д.П. Коркин, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара Д.И. Сыроватскай, уо.д.а. бааллар.
Мария Георгиевна сарсыарда ахсын сэрээккэлиир, үгүстүк оҕолорун кытта таһырдьа тахсан хаамар, күүлэйдиир, Александр Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕар, дьону-сэргэни, аймахтарын кытта билсэ, кэпсэтэ олорор. Кини этэринэн, уһун үйэлэнии кистэлэҥэ — дьоҥҥо аһаҕас, үтүө сыһыаннаах буолуу.
СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: