Дьокуускай куорат кытыытынааҕы Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр биир ытыктанар сис ыалынан, аймаҕынан, 170 сыл ыстаастаах учуутал удьуорун утумнаабыт Скрыбыкиннар буолаллар. Бу аймах эбэлэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ биир ситимнээхтэр – учуутал династиятын салҕыыллар.
Педагог династиятын ытык киһитинэн эбэлэрэ РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Любовь Петровна Скрыбыкина буолар. Скрыбыкиннар, бас-көс, тумус туттар киһилэрин үтүө сүбэтинэн учуутал династиялара үөрэхтээһин үтүө үгэстэрин утумнаахтык илдьэ кэллэ.
Скрыбыкиннар бүгүн Тулагы-Киллэмнээҕи 772-с №-дээх быыбардыыр учаастакка сахалыы таҥаһы таҥнан, бары күргүөмүнэн кэлэннэр куоластаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүн Скрыбыкиннар 18 саастаах сиэннэрэ аан бастакытын куоластаата. Онон кинилэргэ бүгүҥҥү күн эмиэ олус суолталаах буолла.
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…
Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…
Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…
СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…
Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…