Салгыы
Учууталга суоһурҕаныы

Учууталга суоһурҕаныы

03.11.2024, 11:30
Педагогтары үөҕүү сиэргэ баппат быһыы. Хаартыска: PXHERE.COM
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сыллааҕыта, социальнай ситимнэр киэҥник үөдүйэллэрин саҕана дойду соҕурууҥҥу оскуолаларын үөрэнээччилэрэ учууталы күлүү-элэк оҥостон видеоҕа устубут түгэннэрэ киэҥник тарҕанара. Өйгө баппат быһыы диэн сүөргүлүү көрөрбүт. Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт түгэн бүтүн дойду үрдүнэн тарҕанна.

Хобдох “холобурдар”

Быйыл балаҕан ыйыгар Челябинскай 71‑с нүөмэрдээх оскуолатыгар үс оҕолоох аҕа уруок бириэмэтигэр көтөн түһэн математика учууталын быдьар тылынан үөҕүүтүн, “дьаһайан кэбиһиэм” диэн суоһурҕаныытын кэнниттэн учуутал балыыһаҕа киирбитин туһунан иһитиннэрии тарҕаммыта. Төрүөтэ — учуутал оҕону буойуута.

Таганрог 8‑с нүөмэрдээх оскуолата. Үһүс кылаас үөрэнээччитэ үөрэниэн баҕарбат, уруогу ыһар санаалаах, учууталы араас быдьар тылынан үөхсэр. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро устубут видеоларын эмиэ социальнай ситимнэринэн тарҕаппыттара. Учуутал бу оҕо уруогу ыһар санаалааҕын билэн, кини үөхсүүтүгэр, оннооҕор быдьар тылыгар аахайбакка буола сатыыр. Таска көстүбэтэҕин иһин, инчэҕэй эттээх учуутал иһигэр оргуйан олорор, араас санаалар киирэр буолуохтаахтар.

Колпашево куорат туйгун үөрэнээччитэ чиэппэригэр омук тылыгар “түөртэнэн” хаалар. Уол ийэтэ “биэстэн” атын сыананы көрүөн, ылыныан баҕарбат. (“Бу чиэппэргэ уолум биир “түөртээх”. Таайыҥ эрэ ханнык биридимиэккэ буолуой)” диэн омуктуу суруктаах туорт сакаастаан, оҕотугар туттаран социальнай ситимҥэ тарҕатар. Бу туһунан түһээн даҕаны баттаппакка сылдьар учууталга оҕолор, кэллиэгэлэрэ кэлэн хаартысканы көрдөрөллөр, учуутал бэйэтин сырайга сырбаттарбыттыы сананан суукка үҥсэр.

Ити курдук учууталы, үөрэнээччини, төрөппүтү кытта ситимнээх өйдөспөт, иирсээннээх араас түгэннэр тахсаллар. Дьолго, соччото суох быһыыны сүөргүлүүр кэмэнтээрийдэр баһыйаллар.

Сыыппара

Уопсай хартыынаны көрөр инниттэн, сыыппараларга сигэниэххэ. Экэниэмикэ үрдүкү оскуолатын чахчытынан, ыйытыкка кыттыбыт учууталтан 36% төрөппүт өттүттэн утарылаһыыны көрсүбүт, 27% — бииргэ үлэлиир дьонуттан, 19% — үөрэнээччилэриттэн. Хас иккис учуутал хаһан эмэ оскуола үөрэнээччилэрин өттүттэн суоһурҕаныыны, сааныыны истибит. Ыйытыкка хоруйдаабыт учууталлартан 42% социальнай медиа ситимҥэ педагогтары үөхсэр суруйуулары аахпыт.

Билигин оҕону мөҕөр-этэр көҥүллэммэт. Ол түмүгэр оҕо быраабын эрэ билэр, эбээһинэс диэни билбэт. Онон оскуола да, төрөппүт даҕаны кыайа туппат көлүөнэтэ тахсан эрэр.

Учууталлар этэллэринэн, оскуола иһинээҕи иирсээн тахсара сыыппара тэрилин кытта (цифровые устройства) ситимнээх эбит. Чопчу статистика суох эрээри, оскуолаҕа тахсар быһылаан, иирсээн бу курдук төрүөт баарын туоһулуур. Маныаха урукку курдук оскуола иһинэн быһаарыллыбакка, үксүгэр суукка тиийэр эбит, быһатын, аныгы кэм көстүүтэ диэххэ сөп. Оттон иирсээн төрүөтэ араас буолар диэн ыйаллар.

Педагог, уһуйааччы сыла

Былырыын үрдүк түрүбүүнэттэн дойду үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллэрин, учууталларга болҕомто ууруллуон, учуутал идэтин аата-суола үрдүөн туһунан элбэхтик этиллибитэ. Саха сирэ мантан хаалсыбатаҕа, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара, чиэс-бочуот бөҕө этэ. Ити кэнниттэн учууталлар олохторугар туох эмэ уларыйда дуо? “Үөрэх туһунан сокуоҥҥа” уларыйыы киирэн, педагог оҕону сэмэлиир бырааптаммыта, эдэр учууталлар хамнастарын акылаата үрдээтэ…

Сокуон кытаатта

Аныгы най барбыт оҕолор уруогу ыһалларын ааһан, учууталлары араастаан үөҕэр, оннооҕор илиилэринэн киирэр түгэннэрэ баарын социальнай ситимнэргэ тарҕанар видеолартан көрөбүт. Манна үксүгэр педагог, улахан киһи буруйдаах аатырааччы, уһугар тиийэн учуутал бэйэтин баҕатынан сайабылыанньа суруйан оскуолаттан барааччы.

Быйылгы үөрэх дьылыттан педагогтар оҕолору сэмэлииллэрэ көҥүллэннэ. Ону тэҥэ, саҥа сокуонунан педагогтар киһи быһыытынан ытыктанар, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн күһэйииттэн, үөҕүүттэн көмүскэллээх буолууларын ыйбыттара.

Оттон Дьокуускай куорат оскуолатыгар алтынньы 7 күнүгэр тахсыбыт быһылаанынан, Саха сиринээҕи силиэстийэлиир кэмитиэт 39 саастаах эр киһиэхэ холуобунай дьыаланы көбүттэ.

“Эр киһи, учуутал кини сокуоннай сааһын туола илик оҕотун сэмэлээбитин кытта сибээстээх кыра сылтаҕы туһанан педагогка күүһүнэн өттөйбүт. Педагог санныгар хаан турбут, сүүһүн диэкинэн дьуккуруйбут. Ону таһынан, эр киһи учууталга суоһурҕаммыт” диэн Силиэстийэлиир кэмитиэт иһитиннэрэр.

Ити түмүгэр тустаах эр киһиэхэ Холуобунай кодекс 116‑с ыстатыйатынан (кырбааһын) уонна 119‑с ыстатыйатынан (өлөрүүнэн суоһурҕаныы) холуобунай дьыаланы тэрийдилэр.

Министиэристибэ суруга

 СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ:

— Соторутааҕыта тахсыбыт, учуутал аатын-суолун таарыйар иирсээнинэн сибээстээн, бэрэбиэркэ ыытыллыбыта. Бу, иирсээн төрүөтүн буларга уонна инникитин маннык түгэн тахсыбатыгар көмөлөһөр.

273 нүөмэрдээх “Үөрэх туһунан” ФС былырыын ахсынньы 19 күнүгэр уларыйыы киирбитэ. Онно олоҕуран, быйылгы үөрэх дьылыттан педагогическай үлэһиттэр ис бэрээдэги, ол иһигэр үөрэх кэмигэр уонна үөрэх тэрилтэлэригэр быһыы-майгы быраабылатын кэһэр үөрэнээччигэ сөптөөх сэмэни оҥороллоругар  быраап бэриллибитэ.

Итини тэҥэ, саҥа киллэрии “Үөрэх туһунан”ФС 47‑с ыстатыйатын таарый да. Онно киһиэхэ физическэй уонна психологическай өттүнэн өттөйүү, үөҕүү бары көрүҥүттэн көмүскэниигэ педагогическай үлэһиттэргэ быраап бэриллэрин туһунан бигэргэммитэ.

“Үөрэх туһунан” ФС 44‑с ыстатыйата сокуоннай саастарын ситэ илик үөрэнээччилэр төрөппүттэрэ (сокуоннай бэрэстэбиитэл) үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэрин ытыктыыр эбээһинэстэрин эмиэ быһаарар.

САНАА

Быраабын — билэр, эбээһинэһин — билбэт

Дарья И., Дьокуускай куорат оскуолатын төрөппүтэ:

 Биһиги ыал икки оҕолоохпут, улахаммыт устудьуон, кырабыт 3‑с кылаас үөрэнээччитэ. Мин санаабар, көлүөнэ уоннуу сыл буола-буола уларыйан иһэр быһыылаах. Оннооҕор бэйэм оҕолорбун тэҥнээн көрдөхпүнэ, чыҥха атыттар. Кыыһым кылааска бииргэ үөрэнэр оҕолоро бэлиэр иккис кылаастан уруоктан күрүүллэр, оскуолаҕа үөрэнэ барбыт аатыран баран үөрэнэ тиийбэттэр. Бу оҕолор улааттахтарына, ханна тиийэллэр? Оҕону иитии олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиэхтээх быһыылаах. Иитии урукку ньыматын улахаҥҥа уурбаттар, кинилэр сыаннастара, идеаллара букатын атын. Этэбин дии, оннооҕор бэйэм оҕолорум чыҥха уратылар. Улахан оҕобор быһаарбытым, өйдөппүтүм курдук ньыманы кыыспар туттубаппын.

Биһиги саҕана эбитэ буоллар, ити курдук соччото суох түгэн тахсыа суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, иитии оччотооҕу кэмҥэ кытаанах этэ. Оттон билигин оҕону мөҕөр-этэр көҥүллэммэт. Ол түмүгэр оҕо быраабын эрэ билэр, эбээһинэс диэни билбэт. Онон оскуола да, төрөппүт даҕаны кыайа туппат көлүөнэтэ тахсан эрэр.

Хаартыска: PXHERE.COM

+1
19
+1
0
+1
1
+1
0
+1
5
+1
0
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
14 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: