Удьуор булчут төрүттэрин утумнаабыт хорсун буойун

Share

Иван Бугаев – дьиҥнээх бойобуой тыыннаах байыас. Кини бүгүн дойдуга бэриниилээх буолуу, эр киһи дьулуурун, өй-санаа уларыйыытын уонна бойобуой тыын туһунан кэпсиир. Иван өбүгэлэрэ үйэлэрин тухары хара тыаны батан, халыҥ тайҕаны сыыйан, хайалары дабайан бултаан-алтаан олорбут удьуор булчуттар. Кини эмиэ оҕо эрдэҕиттэн Сиэгэн Күөл сирин-уотун устун, хайаларын быыһынан булду сырсан уһуйуллан улааппыта. Билигин Иван Бугаев байыаннай дьайыыга кытта сылдьар.

Оҕо саас

Мин Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн сылдьабын, ломуут эбээнэбин. Аҕам Иннокентий Иннокентьевич – кадровай булчут, ийэм Прасковья Егоровна учаастактааҕы балыыһаҕа санитаркалыыр. Аҕам аҕата – эһээм Нам улууһун Арбыныттан төрүттээх, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Японияны утары киирсиигэ Монголияҕа сулууспалаабыта. Сэрии кэнниттэн баартыйа ыйыытынан Сиэгэн Күөлгэ тырахтарыыстыы кэлэн баран, эбээбин Анна Андреевнаны кытта ыал буолбуттар. Түөрт оҕоломмуттар, аҕам бастакы оҕонон күн сирин көрбүт. Ийэм Ыал-Уһуктан төрүттээх, 6 саастааҕар ийэтэ өлбүт. 2009 сыл күһүнүгэр аҕабыт бултуу сылдьан куһаҕан буолбута. Биһиги бииргэ төрөөбүт биэс этибит. Эдьиийим Оксана Иннокентьевна – Сиэгэн Күөлгэ бибилэтиэкэ дириэктэрэ. Кини кэннэ мин төрөөбүтүм. Мин кэннибиттэн Иннокентий Иннокентьевич диэн бырааттаахпын, Дьокуускайга олорор, тутуу тэрилтэтигэр үлэлиир. Ол кэннэ Василий Иннокентьевич диэн биһиги аймах киэн туттар, аҕабыт туйаҕын хатарыахтаах, кадровай булчут, туох баар аймахтарбытын бул­­таан-алтаан аһатааччы быраатым, хомойуох иһин, эрдэ бараах­таата. Онтон мурун бүөтэ – Манчаары Иннокентьевич Намнааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрэн Батамай диэн ыаллыы сытар дэриэбинэ оскуолатыгар үлэ уруо­гун учууталынан үлэлиир. Кини – Бугаевтар аймах инники кэскилэ.

Оҕо сааһым Сиэгэҥҥэ ааспыта, 5 сааспыттан эһээлээх эбээбин кытары Чинэкэ диэн сиргэ бултуурум-алтыырым, оттоһорум. Байыаннай дьайыы иннинэ арааһынай үлэҕэ барытыгар үлэлээбитим. Дойдубар ыччат лиидэрэ да буола сылдьыбытым. Тиксиигэ Быков Мыыска холкуоска балыктаабытым, «Сунтаравтодор» тэрилтэҕэ биригэдьиирдээбитим, уопсайынан, 33-с сааспар диэри араас үлэни бары үлэлээн көрдүм. Кэнники бу хантараак баттаһан дойдум чиэһин көмүскүү сылдьабын.

Байыаннай дьайыы

Бырааппын Василийы мобилизация саҕаланаатын кытары байыаннай дьайыыга ыҥырбыттара. Булчут буолан, бастааҥҥыттан ыстаарсай снайперынан сылдьыбыта. Кинини кытары уот кыргыһыыга сылдьыбыт бойобуой доҕотторо бэргэн ытааччы, эрэл­лээх табаарыс этэ диэн кэпсииллэр. 14 ый устата уоппуската суох сылдьан улаханнык сылайбыт этэ. Ол иһин мин, хайдах эмэ тиийэн туруорсарга сананан, 2023 сыл күһүнүгэр Оборуона министиэристибэтин кытары биир сылга хантараак баттаһан кэлбитим. Байыаннай дьайыыга кэлэн баран быраатым уоппускатын туруорсубутум, хамандыырдарын кытары кэпсэтэ сатаабытым. Хата, Петр Лебедев диэн Саха сирин Тирэх пуунун салайааччытын кытта сүүрэн-көтөн, айдааннаах уоппусканы ситиспиппит, бирикээс баттаммыта. Петр Лебедев Амматтан төрүттээх,  байыаннай дьайыыга сахаларга элбэх көмөнү оҥорор киһи. Киниэхэ махталым муҥура суох! 2023 сыл ахсынньы 22 күнүгэр быраа­тым кэтэһиилээх уоппускатыгар барыахтаах этэ. Ол эрээри Дьылҕа Хаан атыннык дьаһайбыта. Ахсынньы 19 күнүгэр өстөөх тирэх пуунун ылыыга кимэн киирии саҕаламмыта, онно быраатым бөлөҕө киирсэр буолбута. «Аҕыйах хонугунан уоппускаҕа барыам, онон уолаттарбын бырахпаппын» диэн кинилэри кытары киирсибитэ уонна тахсыбатаҕа. Хамандыырыгар эппитим үрдүнэн киллэрбиттэрэ, онон быраатым сырдык тыына кыргыһыы хонуутугар быстыбыта. Үс эрэ күн тиийбэккэ, Дьылҕа Хаан диэн итинник буоллаҕа!

Бойобуой сорудаҕы толоруу

Ахсынньы 24 күнүгэр биһиги ротабыт кимэн киириэхтээх күнэ тигинээн кэлбитэ. Мин 1 взводка 2 отделениеҕа хамандыыр этим. Комбатым, быраа­тыҥ суох буолла, онон киирбэккин диэбитэ. Ону истибэккэ, быраатым суох буолбутун  иэстэһэ киирбитим. Ол кимэн киириигэ бааһырбытым, взвод хамандыыра, Уус Алдантан сылдьар «Таец» диэн уол онно сүрүн охсууну бэйэтигэр ылынан, атаҕа суох хаалбыта. Ити кимэн киириигэ сүтүктэммиппит. Бырааппын харайаары госпиталга киирэртэн аккаас­таммытым, бэйэм эмтэммитим.

Бу соторутааҕыта бойо­буой сорудаҕы толоро биир дойду­лаахпын, Баҕадьа уола «Алибаны» кытта өстөөх тирэх пуунун ыла киирбиппит. Үс күҥҥэ диэн киирбиппит, биэс бытыылка 1,5 лиитирэ ­уулаах уонна аҕыйах күҥҥэ аһыыр астаах. Этэҥҥэ үс күммүт уон икки күн буолбута. Биһигини таһаараары сорохтор улахан бааһырыыны ылбыттара. 12-с күммүтүгэр нэһиилэ таһаарбыттара, онно ыйааһыным 10 киилэ түспүт этэ. Ити курдук, күн-дьыл баран иһэр.

Өй-санаа уларыйыыта

Манна кэлэн баран уруккуну-хойуккуну элбэҕи эргитэ саныыр буоллум. Быһа-хото саҥарыы диэн баар, ону өйдөөтүм. Хас биирдии киһи араас балаһыанньаҕа тус-туспа санаалаах буолар. Дьон сыыһатын күлүү-элэк оҥостор сыыһа диэн өйдөөтүм. Байыаннай дьайыыга кэлэн баран өйүм-санаам уларыйда, дьоҥҥо итэҕэйбэт буолан эрэбин дуу дии саныыбын. Дьон үксүн тыла эрэ мүөттээх, оттон дьыалатыгар суох.

Бойобуой сорудахха сылдьан, бастатан туран, ийэбин саныыбын. Хаһан да буоларын курдук, ыраах тэлэһийэ сылдьан, наар дойдуҥ-дьонуҥ туһунан саныыр эбиккин. Ону тэҥэ оҕо сааһы киһи ахтар эбит. Билигин кэлэн өйдөөтүм, ийэбэр аҕыйах даҕаны бириэмэни аныыр эбиппин диэн. Ийэм суруктарын хос-хос ааҕабын. Ыраата сылдьан истиҥ мичээрин, мөссүөнүн саныыбын, ахтабын. Хас бойо­буой сорудахха бардым да, ийэбиттэн, өбүгэлэрбиттэн барыта этэҥҥэ буоллун диэн көрдөһөбүн.

Хантараак баттаһааччыларга сүбэ

Мин көрөрбүнэн, хантараагынан кэлбит дьон 70%-на бэ­­йэлэрин баҕаларынан кэлбит курдук буолбатахтар. Манна олох араас охсуутун тулуйбакка кэлбит киһи элбэх. Онон кэлин кэлэн кэмсиммэт курдук, үчүгэйдик толкуйдуохха наада. Олох ыарахаттарын тулуйбакка эбэтэр харчы сырсан кэлбит дьон биһиги бойобуой тыыммытын ыһаллар. Кэтэх санаа­та суох, дьиҥнээх пат­риот, кырдьык дойдутун көмүскүүр санаалаах дьон кэлэллэрэ буол­лар, күүспүтүгэр күүс эбиллиэ этэ. Ойоҕун кытары айдаарсан, иэскэ-күүскэ киирэн, сокуону кэһэн кэлэр дьон манна наадалара суох. Оннук дьон кэллэхтэринэн, кинилэри көрө-истэ сылдьар олус ыарахан. Хас биирдии киһи бэйэтин иннитин көрүнэр. Онон уйулҕа өттүнэн мөлтөх, бэйэтин кыаммат, кэтэх санаалаах дьон кыайан сылдьыбат сирэ диэн этиэм этэ.

What’s your Reaction?
+1
31
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
3
+1
7

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago