“Уһуйааччы-педагог” түөскэ иилинэр бэлиэни олохтоотулар

“Уһуйааччы-педагог” түөскэ иилинэр бэлиэни олохтоотулар

06.06.2023, 15:07
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Уһуйар үлэнэн дьарыктанар педагогтар ааттарын-суолларын, таһымнарын үрдэтэр инниттэн, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин бирикээһинэн “Уһуйааччы-педагог” биэдэмистибэннэй түөскэ иилинэр бэлиэни олохтоотулар.    

Бу бэлиэнэн СӨ муниципальнай уонна судаарыстыбаннай уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар, орто идэҕэ бэлэмниир уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр уһуйар үлэнэн (наставническая деятельность) дьарыктанар, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин тэрээһиннэрин бигэргэммит испииһэгэр киирбит идэ маастарыстыбатын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын муҥутуур кыайыылааҕын уһуйааччытынан буолар, СӨ Ил Дарханын бириэмийэтигэр сүүмэрдиир куонкуруһугар кыайыылаах педагогическай үлэһиттэр наҕараадаланаллар. Бу туһунан министиэристибэ саайтыгар суруллар.

“Уһуйааччы-педагог” түөскэ иилинэр бэлиэ тимиртэн оҥоһуллар, төгүрүк быһыылаах, кытыытыгар «Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)» диэн суруктаах уонна СӨ Судаарыстыбаннай былааҕын бэлиэтиир үс араас өҥнөөх дьураалаах. Ортотугар уһуйааччыны уонна уһуйуллааччыны бэлиэтиир арыллыбыт кинигэ ойууланар. Аллара өттүгэр «Педагог — наставник» диэн суруктаах.

Санатан эттэххэ, “Уһуйааччы-педагог” түөскэ иилинэр бэлиэ дойдуга быйыл биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылын кытта ситимнээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: