Аҕалара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хабыллыбыт, уһуйааҥҥа сылдьар оҕолордоох төрөппүттэри төлөбүртэн босхолууллар. Маныахха кэккэ ыйытыыларга исписэлиис хоруйдаата.
Ыйытыы: Чааһынай уһуйааҥҥа сылдьар оҕолор төрөппүттэрэ төлөбүртэн босхолонуохпутун сөп дуо?
Хоруй: Ил Дархан тустаах дьаһалынан көрүллэр өйөбүл миэрэҕэ өссө чааһынай уһуйааннар хапсар буоллулар. Чааһынай уһуйааҥҥа сылдьар оҕолордоох төрөппүттэр эмиэ төлөбүртэн босхолоноллор. Судаарыстыба бу ороскуотун барытын уйунар.
Ыйытыы: төрөппүт төлөбүрүттэн босхолооһун оҕо уһуйааны бүтэриэр диэри дуу эбэтэр быстах кэмҥэ дуу?
Хоруй: Тустаах миэрэ оҕо аҕата (сокуоннай бэрэстэбиитэлэ) байыаннай сулууспаҕа сылдьарын тухарын көрүллэр.
Ыйытыы: Оҕобутун улууска ыыппыппыт, онно уһуйааҥҥа сылдьар. Сайабылыанньаны ханна биэрэбитий олорор сиринэн дуу, ханна бэлиэтэниллибитинэн (прописка) дуу?
Хоруй: Сайабылыанньаны пропискалаах сиргэ бэриллэр. Ол эрээри, оҕо улуус уһуйааныгар сылдьар түгэнигэр сайабылыанньаны оҕо ханнык уһуйааҥҥа сылдьар сиригэр ыытыллар. Сайабылыанньа сабыылаах ханаалынан туһааннаах тэрилтэҕэ тиийэр. Өскөтүн туох эмэ уустуктар үөскээтэхтэринэ, оробуочай бэрээдэк быһыытынан быһаарсыахха сөп.
Ыйытыы: Бу көмөнөн туһанарбар туох докумуон ирдэнэр?
Хоруй: Паспорт, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибэдиэтэлистибэтэ.
Ыйытыы: Кэргэммин кытта арахсыбыппыт, оҕом аҕата хомуурга хапсыбыта. Маннык түгэҥҥэ төрөппүт төлөбүрүттэн босхолонуохпун сөп дуо?
Хоруй: Өскөтүн төрөппүттэрэ арахсыбыт, ол эрээри, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибэдиэтэлистибэтигэр аҕатын аата сурулла сылдьар буоллаҕына, уһуйааҥҥа төрөппүт төлөбүрүттэн босхолоноҕут.
Ыйытыы: Тустаах боппуруоһунан эһиэхэ сүбэ ыларга сурутуохха сөп дуо?
Хоруй: Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьон оҕолорун уһуйааҥҥа төлөбүртэн босхолуур өйөбүл миэрэнэн, уопсайынан, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор боппуруостарынан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр (Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтэ) 302-с хоско эбэтэр 50-69-18 нүөмэринэн билсиэххитин сөп.
Хаартыска: СИА.
Ыам ыйын 6 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 79 сылыгар аналлаах «Этот день мы приближали,…
Саха сирин быраастара Докучаевскайга 500-тэн тахса киһиэхэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥордулар. Өрөспүүбүлүкэ сибээһи олохтообут ДНӨ Докучаевскай…
Саха сирин үрдүнэн Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Кыайыы күнүн тэрээһиннэрин, мэлдьи…
Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ байыастарга көмөнү оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Быйыл тэрилтэ үлэһиттэрэ биирдии күннээҕи…
Күн-дьыл туруга бүгүн хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы метеосулууспа иһитиннэрэринэн, Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сөҥүүтэ суох. Түүнүн Мииринэй, Сунтаар, Ньурба,…
Бүгүн Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар икки ыйдаах ыраастааһын тэрээһинин уонна уу эбийиэктэрин харыстааһын чэрчитинэн субуотунньук…