Салгыы
Уһук Илин эрэгийиэннэрэ куоластааччы элбэҕинэн дойдуга үтүө холобуру көрдөрөллөр

Уһук Илин эрэгийиэннэрэ куоластааччы элбэҕинэн дойдуга үтүө холобуру көрдөрөллөр

16.03.2024, 18:36
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Саха сирэ бу көрдөрүүнэн федеральнай уокурукка да, бүтүн Арассыыйаҕа даҕаны инники иһэр. Дойду бэрэсидьиэнин талар үс күннээх быыбарга бастакы күн түмүгүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр куоластыы кэлээччи ахсаана Бүтүн Арассыыйатааҕы көрдөрүүнү биэс бырыһыанынан аһарда.

Уһук Илин уокурук Уралы, Сибиири, киин Арассыыйа, Приволжье эрэгийиэннэрин уонна Хотугулуу-Арҕааҥҥы макроэрэгийиэн иннилэригэр түһэн, Федерация субъектарын кэккэтигэр үһүс буолла. Бэрэсидьиэн быыбарыгар Саха сиригэр бастакы күн 41,12 % куоластаата. Бу олохтоох нэһилиэнньэ гражданскай суолтаны өйдүүрүн уонна судаарыстыбаннай бэлиитикэ инники быһаарыытын боппуруоһугар дьоһуннаах сыһыанын көрдөрөрүн туоһулаата, онон өрөспүүбүлүкэ дойду лидердэрин кэккэтигэр бигэтик турда.

Ол эрээри, куоластааччы көхтөөх үрдүк көрдөрүүтэ соһуччу буолбатах. Өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай эспиэртэр өссө быыбар иннинэ муҥутуур үрдүк көрдөрүү ситиһиллиэ диэн сабаҕалаабыттара. Бу Саха сиригэр дьон туруга, олоҕун хаачыстыбата биллэ үрдээбитин түмүгэр, олохтоохтор федеральнай былааска эрэниилэрэ улаатыытынан буоларын туоһулуур.

“Бастакы күн түмүгүнэн эрэгийиэн 41,12% быыбарга кыттынна, бу Хотугу Кавкаһы кытта тэҥ. Бэлиэтээн эттэххэ, үс күннээх куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо биирдэ даҕаны бастакы күн маннык көхтөөхтүк быыбардаабатахтара. Быыбар хамыыһыйалара куоластааччылар бырааһынньыктыы настарыанньалаах, сахалыы таҥастаах кэлэллэрин, хаартыскаҕа түһэн социальнай ситимнэринэн уонна мессенджеринэн үллэстэллэрин этэллэр. Маннык сомоҕолоһуу – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун уратыта, өрүү көхтөөхтөрүн уонна дойдуга ураты кэмҥэ түмсүүлээхтэрин, эрэбиллээхтэрин көрдөрөр”— диэн “Полилог” федеральнай агентство политическай бырайыактарга генеральнай дириэктэрин солбуйааччы  Роман Моложон ырытар.

Эспиэр Владимир Путин Саха сиригэр тус болҕомтотун бэлиэтиир: “Куоластааһын биир күн иннинэ дойду бэрэсидьиэнэ Ил Дархан Айсен Николаевы кытта мунньахтаабыта, эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын көрбүттэрэ. Судаарыстыба баһылыга Айсен Николаев оҥорбут иһитиннэриитин пууннарынан быһаарыылары ыларга сорудахтаабыта.  Онон Саха сирин олохтоохторугар суолталаах быһаарыынан – Өлүөнэ муостатынан, “Мир-Глубокий” бырайыагы көхтөөх оҥоруунан, эргэ уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын түргэтэтиинэн буолуо диэн   кэтэһиэххэ сөп”.

Роман Моложан бэрэсидьиэн эрэгийиэн бэбиэскэтигэр төһө суолта уурарыгар болҕомтону туһаайар: кини ордук демография бэлиитикэтигэр ситиһиини бэлиэтиир, өрөспүүбүлүкэ инфраструктуратын сайдыытын боппуруостарын хонтуруолга тутар. “Саха сирин олохтоохторо бу болҕомтону билэллэр. Бэрэсидьиэн быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыыны маны кытта сибээстиибин. Үс күн түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ куоластааһынынан историческай түмүгү көрдөрүө дии саныыбын” – диэн этэр.

2018 сыллаахха ыытыллыбыт дойду бэрэсидьиэнин талар быыбары кытта тэҥнээтэххэ, сүрүн болдьох иннинэ (досрочно) Уһук Илин федеральнай уокурукка куоластаабыт  дьон ахсаана икки бүк эбиллибит – бу 88.495 киһи. Болдьох иннинэ куоластыыр бырааптаахтар уопсай ахсааннарыттан 96% бырыһыаннарыгар тэҥнэһэр.

“Бу быыбарга дьон ханна олороруттан тутулуга суох Саха сирин бары куоластааччыта кыттарын туһугар кыаллары барытын оҥордулар. Өрөспүүбүлүкэҕэ уустук суоллаах-иистээх, ыраах сэлиэнньэлэргэ, холобур, Арктика зонатыгар биир киһи бэлитиичэскэй көҥүлүн  толорор кыаҕы биэрээри, бөртөлүөт быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрин илдьэ көппүт түгэннэрэ бэлиэтэнэр. Биллэн турар, бу быыбар иннинээҕи куоластааһыны тэрийиигэ түмүгү көрдөрдөҕө – бастакы күҥҥэ онто да суох үрдүк көрдөрүүгэ хас да бырыһыаны эптэҕэ”, — диэн политолог, ХИФУ устуоруйаҕа, обществознаниеҕа уонна политологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Ольга Парфенова быһаарар.

“Мин дьон көхтөөхтүк кыттыытыгар сиһилии тохтуом этэ, бу – быыбарга дьон сөпсөһүүтүн быһаарар. Уһук Илин уокурук, бэрэсидьиэн быыбарыгар өрүү көхтөөхтүк кыттара, Арассыыйаҕа инники  сылдьар эрэгийиэҥҥэ дойдуну ким салайара улахан суолталаах. Маныаха быыбар туһунан истэ-билэ олоруу, “мобильнай избиратель” систиэмэни, үс күннээх куоластааһыны кытта устуоруйаҕа биир бастыҥынан буолар, ону тэҥэ, уопсастыба сомоҕолоһуутун көдьүүһүн учуоттаатахха, бу быыбарга көхтөөхтүк кыттыахтара, 70 % тахсыа диэн сабаҕалыыбын”, — диэн Арассыыйатааҕы бэлиитикэ сүбэһиттэрин ассоциациятын чилиэнэ Вячеслав Беляков быһаарар.

Манна куоластааһын өрүү 100% чугаһыыра. Чукотка, Курильскай арыылар, Саха сирин уонна да атын субъектар нэһилиэнньэлээх пууннара куоластааһыҥҥа сомоҕолоһуулара элбэхтик көстөрө.

Маныаха Владивосток, Хабаровскай курдук эрэгийиэн бөдөҥ кииннэригэр, тыа сиринээҕэр арыый намыһах буолааччы.

“Билиҥҥи быыбар тутулун ааспыт быыбардары кытта тэҥниир сатаммат – аан бастакытын үс күн ыытыллар, ол эрээри, атын улахан хампаанньалары кытта тэҥнээтэххэ, дьон көхтөөхтүк кыттыыта көһүтүллэр этэ: үгэс быһыытынан бээтинсэҕэ “лоялистар”, былаас диэкилэр, ону тэҥэ, бүддьүөт үлэһиттэрэ куоластыыллар, кинилэргэ бу табыгастаах, онон бүгүн үрдүк көрдөрүүнү кэтэһиэххэ сөп. Субуотаҕа дьон кыттыытыгар намтааһын бэлиэтэниэҕэ, өрөбүлгэ уруккуттан өрөбүл күн быыбардыы үөрэммит саастаах көлүөнэ уонна утарсааччылар куоластыахтара”, — диэн Арассыыйатааҕы бэлиитикэ сүбэһиттэрин ассоциациятын чилиэнэ Вячеслав Беляков түмүктүүр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: