Уһук Илиҥҥэ саамай улахан Арассыыйа былааҕын Дьокуускайга тэниттилэр
Арассыйа былааҕын күнүгэр Дьокуускайга Чочур Мурааҥҥа Уһук Илин уокурук үрдүнэн саамай улахан Арассыыйа былааҕын тэниттилэр.
Баара-суоҕа биэс хонук иһигэр 35*23 миэтэрэ кээмэйдээх Арассыыйа былааҕын Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин көхтөөх чилиэттэрэ оҥордулар. Бу түгэни Арассыыйа рекордун кинигэтигэр регистрациялыахтара диэн СИА кэпсиир.
«Бу идиэйэ Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин кэлэктиибин иһигэр көтөҕүллүбүтэ. Биэс хонук иһигэр маннык улахан былааҕы тигэн оҥордубут. Биһиги былааҕы икки төгүл тиктибит. Бастакы сырыыбытыгар 30*20 миэтэрэ кээмэйдээх оҥорбуппут. Онтубут Уһук Илиҥҥэ маннык кээмэйдээх былаах оҥоһуллубута ырааппыт эбит, онон биһиги бу рекорду куоһарарга быһаарыы ылыммыппыт. Бэҕэһээ былаахха эбии биэс уонна үс миэтэрэ эбэн биэрдибит», — диэн Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Угапьева кэпсээтэ.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын салалтата, уопсастыбанньыктар уонна Сайсары уокуругун управатын үлэһиттэрэ кытыннылар. «Дьокуускай куоракка, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн, Арассыыйа былааҕын күнүн бырааһынньыга ыыттыллар. Үс өҥнөөх былаах төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну көрдөрөр. Биһиги хас биирдиибит киэн туттуу уонна түмсүү иэйиитин тургутабыт», — диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай мэрэ Евгений Григорьев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: