Уһук Илин уокуругу «көмүс үлүскэнэ» күүтэр дуо?
Быйыл саас Судаарыстыбаннай Дуума бастакы ааҕыытыгар «Көмүс сууйуутунан дьарыктаныы туһунан» сокуон барылын ылыммыта.
Бу сокуону өссө «көҥүл аҕалыы» диэн ааттыыллар. Тоҕо диэтэххэ, саҥа сүүрээнинэн – чааһынай дьоҥҥо көмүһү хостуур кыаҕы биэрии буолар. Биллэн турар, бырамыысыланнай ньыманан буолбатах. Хааччахтааһын даҕаны кырата суох: боруоданы дэлби тэптэрэр, 5 миэтэрэ дириҥи хаһар уонна 5 киловатт кыамталаах оборудованиены туһанар эмиэ сатаммат. Көмөлөһөөччү ахсаана эмиэ хааччахтаах – 10 киһиттэн элбиэ суохтаах. Аны туран, көмүһү хостооһун эмиэ лимииттээх – сылга 30 кг көмүһү хостуохха сөп.
Сокуон ылыллар түгэнигэр, пилотнай барыл быһыытынан Илин Уһук эрэгийиэҥҥэ үлэ саҕаланыаҕа. Таарыйа эттэххэ, бу бырайыак ааптардарыттан биирдэстэринэн Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ буолар.
Бу сокуон барылын оҥорорго дьиҥнээҕи көрүү уонна тус бэйэ субъективнай биричиинэлэр бааллара төрүөтүнэн буолаллар диэн Приморье РБК статс-сэкэритээрэ, РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Павел Волков этэр. Кини Уһук Илин Арассыыйа элбэх туһалаах баайдаах кыладабыайынан буоларын санатта.
«Маннык быһаарыныыны элбэх сыллаах кыһалҕа туран, «Көмүс хостооһуна айаҕы ииттии уонна хамнас соҕотох источнигынан буолар эрэгийиэннэргэ, дьоҥҥо, хайдах буолар» диэн ылылынна. Бу билиҥҥи олохпут көстүүтэ. Бу сокуон бырайыагынан көмүс хостооһуна барар сирин-уотун эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһаарыахтара. Айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр, заповедниктарга уонна тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр хостооһун үлэлэрэ көҥүллэммэттэр. Итини таһынан көмүс хостооччулар сир баайын хостуур бөдөҥ тэрилтэлэр учаастактарыттан ыраах хостуохтаахтар. Эспиэр итини сэргэ хостооһун усулуобуйатыгар сокуонунан көрүллэр хааччахтааһын усулуобуйатын эмиэ быһаарда.
«Көмүһү хостооһуҥҥа айылҕаҕа улахан хоромньуну таһаарбат сыалтан, 5 миэтирэттэн дириҥҥэ сири хаспат курдук хааччахтааһыны киллэрдибит. Итинник дириҥҥэ көдьүүстээх үлэни ыытыахха сөп», – диэн бэлиэтээтэ Волков. Кини этэринэн, сокуон ылылыннаҕына Уһук Илин «көмүс үлүскэнэ» тахсыа суоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: