“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
ЭЙЭЛЭЭХ ОЛОХ ТУҺУГАР
Эйэлээх олоҕу аймааннар,
Сэрии буолла дэстилэр.
Эдэр хоһуун уоланнар,
Бэбиэскэ тутан бардылар.
Оо, ханнаҕыный эйэ холууба?
Төнүннэр үтүө кэммитин.
Уоскут аймаммыт сүрэхпитин,
Харыстаа кынаккын тэнитэн
Эр санаалаах уолаттар,
Көмүскүүллэр ийэ дойдуну.
Эйэлээх олох туһугар,
Кыргыһыы хонуутугар сылдьаллар.
Эргиллэн кэлиэххит эһиги,
Үөрүүнү, дьолу аҕалан.
Эрэллээхпит онно биһи,
Күүстээх биир санаанан.
Уоскуйуоҕа уйан, ийэ сүрэҕэ,
Дьоллоох олохпут кэлиэҕэ.
Сырдык күммүт тыгыаҕа,
Эйэ холууба көтүөҕэ.
Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…
"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…
Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…
Дьокуускайга бэлисипиэтинэн үгүстүк оҕолор уонна эр дьон сылдьалларын көрөбүн. Бүгүн биир саастаах дьахтар бэлисипиэтинэн сылдьарын…
Бэҕэһээ Дьокуускай куорат үрдүнэн кыра көтөр аал төттөрү-таары эргийэн, үгүс киһини долгутта. Социальнай ситимнэринэн бу…
Суут бириистэптэрин управлениета иһитиннэрбитинэн, Уус Алдан улууһугар тэрилтэттэн 800 бытыылка арыгыны конфискациялаабыттар. Ол курдук мировой…