Хаартыска: видеоттан скрин.
Социальнай ситимнэринэн, мессенджердарынан кыһыл харахтаах, хойуу сырааннаах сылгы туһунан видео тарҕанна. Саха сиринээҕи Бэтэринээрийэ управлениета СИАҕа иһитиннэрбитинэн, тустаах түгэнинэн бэрэбиэркэ ыытыллар.
“Бу ханна буолбутун биһиги билэбит. Видеоны бэҕэһээ, муус устар 23 күнүгэр, устубуттар. Бэтэринээрдэр миэстэтигэр барбыттара, анаалыс ылыахтара. Ирдэниллэр тэрээһиннэр оҥоһуллаллар. Барытын билэбит, бэтэринээрдэр сулууспаларын хонтуруолугар сылдьар” – диэн биэдэмистибэҕэ иһитиннэрдилэр.
Бэтэринээрийэ билимин дуоктара Михаил Неустроев СИАҕа эппитинэн, бу туохха эрэ аллергия буолуон сөп.
“Бу аллергия эбэтэр сүһүрүү буолуон сөп. Баҕар, аһылыгыттан сүһүрбүтэ буолуо. Сүһүрбүтүн ыараханнык тыынара туоһулуур. Биллэн турар, манна анаалыс уонна хаачыстыбалаах бэрэбиэркэ ирдэнэр”, — диэн кини эттэ.
СИА.
Саха сирин синоптиктара билгэлииллэринэн бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа ардыыр, хотугулуу-илин…
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…