Улуу истиэпкэ “аттар түстүлээр” хаһыыны истиэхпит дуо?
Дугуйдан Винокуров Казахстаҥҥа барарга спонсор көрдүүр.
Дугуйдан Винокуров «саха атын аатын ааттатыахпын баҕарабын» диэбит ыра санаата туолла. От ыйын 29 күнүгэр «JORYQ» Казахстан ат успуордугар Федерациятыттан эрийэн, аан дойдутааҕы марафоҥҥа саха аттарынан кыттарыгар этии киллэрбиттэр.
Бу “Улуу Истиэп устун” туур балаҕан ыйын 3-7 күннэригэр Ботай-Астана маршрутунан ыытыллыахтаах. Манна 20-тэн тахса хамаанда кыттара былааннанар, Казахстан бэйэтин өттүттэн 5 хамаанданы туруорар, итиэннэ сахалары, татаардары, башкирдары, балкардары, карачайдары, кыргызтары, узбектары, туркменнары, сүрүннээн түүр омук бэрэстэбиитэллэрин ыҥырбыттар.
“Бу аан дойду таһымыгар аан бастаан ыытыллар марафон. Хамаанда 5 киһилээх, 5 аттаах буолуохтаах, истиэп устун 500 км барыахтаахпыт. Хамаандаҕа киириэн баҕалаах уолаттар бааллар, аттарым дойдубар бааллар. Бэтэрээттэн да ылан барыахха сөп гынан баран, эппиэтинэһэ бэрт, — диир Дугуйдан. — Тэрийээччилэр биһиги бэйэбит аттарбытын илдьэ кэлиэхпитин олуһун баҕараллар, олох кыаллыбатаҕына, бэйэҕит кэлэҥҥит биһиги аттарбытынан да күрэхтэһиҥ дииллэр. Ол эрээри, мин саныырбар, бэйэбит аттарбытын атын түүр омук боруодаларын кытта холоон, тэҥнээн көрүө этибит буоллаҕа. Бу марафон онно анаан ыытыллар, хайа боруода тулуурдааҕый диэҥҥэ.
Айанныыр буоллахпытына, аттары таһаҕас массыынатыгар тиэйэн, Аллараа Бэстээхтэн Казахстаҥҥа диэри 6 тыһ км. барыахтаахпыт. Быһа холуйан, нэдиэлэ курдугунан тиийиэхпит. Дьэ, бу айаҥҥа кэлэ-бара 3 мөл. солк. курдук наада диэн ааҕан-суоттаан таһаардыбыт. Биллэн турар, бэйэбэр оччо харчы суох, онон саха атын таптыыр, кинини өрө тутар дьону, тэрилтэлэри көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин”.
Дьэ, былыр сах эрдэҕинээҕи кэмнэргэ улуу истиэп устун көтүтэ сылдьыбыт дьөһөгөй оҕолорун хааннарын оонньоторго, сиэллэрин өрүкүтэ сүүрдэргэ тоҕоостоох кэм үүммүт. Ону көрүөн, онно кыттыһыан баҕалаах дьоҥҥо Дугуйдан Винокуров төлөпүөнүн нүөмэрин 8965 676-53-58 ыытабыт. Кытаатыҥ, бириэмэ ыгым.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: