Уол оҕону иитиигэ Юрий Тутукаров тус санаата

Уол оҕону иитиигэ Юрий Тутукаров тус санаата

07.10.2023, 16:00
ХААРТЫСКА ЮРИЙ ТУТУКАРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Сочи куоракка, Бүтүн Арассыыйатааҕы үлэ харыстабылын нэдиэлэтин чэрчитинэн социальнай хааччыйыы эйгэтигэр профессиональнай маастарыстыба куонкуруһун кыайыылаахтарын наҕараадалаабыттара. Манна 15 номинацияҕа үс тыһыынчаттан тахса исписэлиис кыттыбыта. “Лучшая практика комплексной поддержки семей с детьми” номинация кыайыылааҕынан  “Аҕа үөрэҕэ” бырайыагынан кыттыбыт Юрий Иванович Тутукаров буолар. Кини  Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлиир.

Соһуччу уонна долгутуулаах этэ…

– Бу сыл ахсын ыытыллар социальнай эйгэ куонкуруһа буолар. Күрэхпит икки түһүмэхтээх этэ. Бастакыта эрэгийиэн иһигэр ыытыллыбыта. Быйылгы күрэххэ кыа­­йыылааҕынан 54 киһи таҕыс­та. Хамыыһыйа быһаарыытынан, сорох номинацияларга иккилии үһүс миэстэлэр баар буол­буттара. РФ үлэҕэ уонна социаль­най харыстабылга миниистирэ Антон Котяков кэлэн эҕэрдэлээбитэ, наҕараа­далары кини бастакы солбу­йааччыта Ольга Баталина туттарбыта. Бастакы миэстэ буолар соһуччу уонна олус долгутуулаах этэ.

ХААРТЫСКА ЮРИЙ ТУТУКАРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.

– Социальнай эйгэҕэ үлэлээбитиҥ ыраатта дуо, бырайыак туһунан толкуй хайдах киирбитэй?

– Бу бырайыак 2017 сыллаахтан саҕаламмыта. Ол сыл Бүлүүгэ аҕалар сэбиэттэрэ диэн тэриллибитэ. Онно миигин бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Бу хайысхаҕа үлэлиэн баҕа­лаах көхтөөх аҕалар ол сэбиэк­кэ киирбиттэрэ. Олор истэригэр билиҥҥи кииммит ди­­риэктэрэ Егор Александрович Дашевскай баара. Оччолорго кини социальнай хайысха­лаах “Кэнчээри” киини салайара. Аҕалары кытта биһиги үлэбитин торумнуурга сүбэлэһэн баран бырайыак толкуйдуурга быһаарыммыппыт. Онтон бу “Аҕа үөрэҕэ” бырайыак үөскээн тахсыбыта. Сыала-соруга диэн – аҥаардас ийэлэргэ иитиллэр уолаттарга анаммыт быра­йыак буолар. Уйулҕа үлэһиттэрэ этэллэринэн, уол оҕо аҥаар­дас ийэҕэ иитиллэр буолаҕына, аҕа иитиититтэн матар. Ол иһин кини иитиллэр эйгэтигэр эр дьон эйгэтэ элбэх буолуох­таах диэн бэлиэтииллэр. Ол эбэтэр уол оҕоҕо убайдара, таайдара, эһээлэрэ буоллун бары кини  иитиитигэр кыттыһыахтаахтар. Ол эрээри барыларыгар бу табыллыбат, оҕо барыта убайдаах, эһээлээх буолбат. Ол иһин бу бырайыак толкуйдаммыта. Бырайыакпыт үлэтин «Кэнчээри» киини кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн саҕа­лаабыппыт. Реорганизация кэнниттэн Бүлүүтээҕи оҕо иитэр дьиэни уонна “Кэнчээри” киини холбоон кэбиспиттэрэ.

Оҕоҕо куттала суох эйгэни үөскэтэбит

– Биһиги кииммит уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэри кытта үлэлэһэр, ону сэргэ доруобуйаларыгар хааччахтаах инбэлиит оҕолору кытта үлэлэһэр түмсүүлээхпит. Кииммит иһинэн уон куойка миэстэлээх приюттаахпыт. Манна оҕолор быстах кэмҥэ кэлэн олорон тахсаллар. Ону таһынан дьиэ кэргэн бөлөхтөрүгэр куруутун олорор оҕолордоохпут. Ол бөлөхпүтүгэр 26 оҕолоохпут. Бу сыыппара уларыйа турар. Тэрилтэбит сүрүн хайысхатынан, судаарыстыбаннай бэлиитикэ чэрчитинэн, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх диэн  санааны тутуһабыт. Ол иһин оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэргэ олохтуурга үлэлэһэбит. Оҕо иитиэн баҕалаах дьону биһиги үөрэтэбит, кинилэри кытта ыкса үлэлэһэбит.

– Оҕону төрөппүттэн араарыы олус уустук, ханнык балаһыанньаҕа ити миэрэ ылылларый?

– Араас балаһыанньа буолар. Биһиги сыалбыт сэрэтэр үлэ буолар. Оҕо уустук балаһыанньаҕа түбэспит, кини олоҕор куттал суоһуур буоллаҕына, биһиги оҕолору быстах кэмҥэ төрөппүттэриттэн араа­ран ылабыт. Холобур, төрөппүттэрэ иһэ-аһыы сылдьаллар, дьиэлэригэр араас дьон мустар. Оҕо аһыыр-аһаабат икки ардынан сылдьар. Маннык балаһанньаҕа оҕону ылан куттала суох эйгэҕэ киллэрэбит. Оҕо ыраас таҥаска-сапка уту­йар, тото-хана аһыыр, оскуолаҕа холкутук үөрэнэ барар усулуобуйатын тэрийэбит.

«Аҕа үөрэҕэ» бырайыак уонна төрүт үгэстэр

– Бырайыакпыт үс түһүмэхтэн турар. Ол күһүҥҥү, сааскы, сайыҥҥы кэмнэргэ туһуланар. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэр буоланнар үөрэх сынньалаҥын кэмигэр эрэ табыллар. Оччолорго саҕалыырбытыгар “Кэнчээри” киин эрэ оҕолорун кытта үлэлэһэр эбит буоллахпытына, билигин бу кэҥээн турар. Ол курдук учуокка турар дьиэ кэргэттэр, кииммит оҕолорун барыларын хабабыт. Күһүҥҥү түһүмэххэ биһиги саха норуотун төрүт үгэстэрин кытта билиһиннэрэбит. Ол курдук муус аннынан илимнээһин, муҥха, куобахха туһахтааһын. Сааһын куйуурдатабыт, муус аннынан күөгүлэтэбит. Оттон сайынын киэҥ соҕустук хабан үлэлэһэбит. Сүрүн болҕомтону идэҕэ туһаайыыга уурабыт. Полиция, баһаарынай, ЫБММ сулууспатын үлэһиттэрин кытта оҕолору көрүһүннэрэн үлэ хайысхатын билиһиннэрэбит.

Уус кыһатыгар

– Сайынын оҕолору уус кыһатыгар сыһыарабыт. Биһиги аҕалар түмсүүбүт биир тутаах чилиэнинэн тимир ууһа, Бүлүү улууһун уустарын түмсүүтүн салайааччыта. Иннокентий Иннокентьевич Акимов буолар. Кини кыһатыгар уолаттары көннөрү уһаныыга эрэ буолбакка,олох сатабылыгар иитэр-үөрэтэр соруктаахпыт.  Бу саха оҕолорун сатабылга үөрэтэр сүрүн үлэбит буолар. Аҕа түмсүүтүгэр 45 чилиэннээхпит. Оҕолору бэһис кылаастан тохсус кы­­лааска диэри хаба сатыыбыт. Биһиги бырайыакпытынан чопчу бу оҕо тубуста, ити оҕо көннө диэн быһаарар уустук, ол эрээри эр киһи иитиитин билэн, кыратык даҕаны олоххо сатабыл ыллаҕына, ол улахан ситиһии буолар. Бу сатабылларын кэлин олохторугар туһаныахтара буоллаҕа.

Дьиэ кэргэним

– Кэргэним Александра Николаевна Тутукарова Таатта улууһуттан төрүттээх. Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы буолар. Үөрэҕирии эйгэтигэр университеты бүтэриэҕиттэн үлэлиир.  Биэс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт номнуо ыал. Сиэн оҕо бэлэхтээбиттэрэ. Кэргэнинээн иккиэн оскуола үлэһиттэрэ буолаллар. Иккис уолбут ХИФУ-га физкултуурунайга үөрэнэр, кыыспыт Бүлүүтээҕи гимназияҕа 11 кылааска үөрэнэр, онтон кэлэр кыыс эмиэ гимназияҕа алтыс кылааска үөрэнэр, кыра уолбут төрдүс кылаас үөрэнээччитэ.

Төрөппүттэрбэр махталым

– Киһи иитиини төрөппүттэриттэн хайдах ылбытынан,  олоҕо оннук салаллар. Мин төрөппүттэрим аҕам Иван Алексеевич уонна ийэм Екатерина Алексеевна ик­­киэн сэрии оҕолоро, аас-­туор олоҕу билбит дьон буолаллар. Биһиги бииргэ төрөөбүт онуо­бут. Мин сэттис оҕо буолабын. Төрөппүттэрбит барахсаттар, оччотооҕу кэм дьоно, төһө да аҕыйах кылаас үөрэхтээхтэрин иһин биһигини норуодунай педагогика торумунан, бэйэлэрин холобурдарынан уонна тапталларынан ииппиттэр эбит диэн бу кэлин саныыбын. Олус көнө, үлэһит, судургу майгылаах буоланнар, биһиги бары үлэһит, үөрэхтээх дьон буол­буппутугар махтанабын.

Уол оҕону иитии

– Оҕону гаджеттан тэйитиигэ, буруйу оҥорууттан сэрэтиигэ сүрүн оруолу дьиэ кэргэн эйгэтэ ылар. Чахчы, билигин оҕону иитэргэ олус уустук кэм. Төрөппүттэр оҕолоругар кыра саастарыттан төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэр уонна кэлин оҕобут тугу даҕаны интэриэһиргээбэт диэн муҥаты­йаллар. Дьиҥэ, биһиги оҕолорбутугар кыра саастарыттан интэ­риэстэрин атыҥҥа көбүтүөхпүтүн наада. Аҕалар уолаттарбытын батыһыннара сылдьыахтаахпыт. Ол булт кэмигэр айылҕаҕа эрэ буолбакка, холобур аҕа массыына оҥосторугар, дьиэ ис-тас үлэтигэр уолун бэйэтин аттыгар илдьэ сылдьыахтаах. Уол оҕо аҕатыгар күлүүс ылан биэрэн эҥин ­илии-атах буолан көмөлөһүөхтээх. Мин тус бэйэм оннук гынабын. Ону таһынан айылҕаҕа сыһыарыыга аҕа оруола олус улахан суолталаах. Уол оҕо булду интэриэһиргээбэт төрүөтэ аҕаларга сытар. Кинилэр оҕо бултуур баҕатын бириэмэтин мүччү тутан кэбиспит буолуохтарын сөп. Аҕаларга сүбэлиэм этэ, киһи уол оҕону иитии­тин туһунан биир күнүнэн толкуйдаан оҥорон кэбиспэт. Хас биирдии аҕа былааннаахтык иитэр эйгэтин тэри­йиэхтээх. Ол элбэх сыраны ирдиир. Саха киһитэ кыаҕын иһинэн тэрээһиннээх буолуохтаах, ол курдук илимнээх, тыылаах, тиэхиньикэлээх, саалаах, мончууктаах. Тугуҥ да суох буоллаҕына, эн уолгун тугунан даҕаны интэ­риэһиргэтэр кыаҕыҥ суох курдук буолар. Мин уолаттарбын кытта бииргэ бултаары сөбүлүүр эбэбэр үүтээн туттубутум. Билигин онно бултуубут. Уолаттарым олус сөбүлүүллэр, хаһан барабыт диэн кыра уолум өрүү хаайар. Хас биирдии аҕа оҕотугар бастакы булт үөрүүтүн бэлэхтиириттэн дуоһуйуу ылыахтаах.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: