Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар бара турар байыаннай дьайыылар аан дойду үрдүнэн элбэх киһини долгутар. Дойду бары муннуктарыттан элбэх киһи ыҥырыллан кытта сылдьар. Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар дьоннорун тустарынан уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох өйөбүл оҥоһулларын туһунан нэһилиэк баһылыга Тимофей Иванов хаһыат уонна саайт ааҕааччыларыгар билиһиннэрдэ:
— Биһиги нэһилиэктэн 7 уолбут байыаннай дьайыыларга баран кытта сылдьаллар. Кинилэртэн биэс уол инники кирбиигэ сылдьаллар. Икки уол кэлбититтэн биирэ Николай А. Украинаҕа миинэҕэ атаҕын тэптэрэн, бааһырыы ылан, билигин эмтэнэ сылдьар, атаҕа үктэппэт. Кини сотору Владивостокка байыаннай врачебнай хамыыһыйа быһаарыытын ааһыахтаах. Оттон Николай Н. болдьоҕо бүтэн кэлбитэ ахсынньы 23 күнүгэр кэлбитин нэһилиэгинэн көрсүбүппүт. Кини сотору Москваҕа реабилитацияҕа барыахтаах. Ол кэннэ дойдутугар кэлэн үлэлиирэ буолуо.
Биэс уолаттарбыт Украина сиригэр бааллар. Константин А. байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Аҕыйах хонуктааҕыта кимэн киирии буолуохтаах диэн дэриэбинэ олохтоохторун көһөртүү сылдьаллара. Григорий И. эрдэ штурмовой этэрээккэ сылдьыбыта. Кинилиин билигин Саян Н. бииргэ сылдьар. Христофор Т. билиҥҥи кэмҥэ байыаннай дьайыылар сирдэригэр сылдьар буолуохтаах. Альберт Ч. командир буолан, Ньурба уолаттарын бииргэ түмэн, салайан-дьаһайан илдьитэлии сылдьар. Бу уолаттарбыт байыаннай дьайыылар саамай үөстэригэр сылдьалларынан сибээскэ тахса иликтэр. Сотору улуустан баран көрсүөхтээхтэр, дьэ, оччоҕо дьоммут ханна, хайдах, туох сылдьалларын истиэхпит, билиэхпит диэн дьон бары эрэх-турах кэтэһэр.
Оттон нэһилиэккэ биһиги кинилэр дьонноругар туох кыалларынан күүс-көмө буола олоробут. Уолаттарбыт эрэ этэҥҥэ сылдьан кэлэлэригэр баҕарабыт.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…