Уолаттары булт-балык үөрүйэхтэригэр уһуйдулар
Сэтинньи 2 күнүгэр улуустааҕы Аҕа сүбэтин көҕүлээһининэн, Байанай ыйын чэрчитинэн, Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын 8-11-с кылаас уолаттарыгар Бэрэ күөлүгэр булт-балык үгэстэригэр анаммыт бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Ол курдук, өбүгэлэрбит булка-алка туттар төрүт дьарыктарын үйэтитэр сыалтан, уолаттарга муус аннынан илим үтүүтүн көрдөрдүлэр, үөрэттилэр, куобахха туһах иитэри, киискэ-бөрөҕө хайдах хапкаан туруорары көрдөрдүлэр. Маны тэҥэ, уол оҕо айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһарын, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэтии, кэпсэтии буолла.
— «Сахабулт» салаатын дириэктэрэ, Аҕа сүбэтин чилиэнэ Максим Афанасьев оҕолорго ханнык кыылга, көтөргө бултуур көҥүл бэриллибитинэн хайдах бултууру, туһах, хапкаан иитиллэрин, хайдах хапкаан ханнык булка барсарын олус интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Оҕолор олус сэҥээрэн иһиттилэр. Уолаттар муус аннынан хайдах илимниири көрдүлэр, үөрэннилэр, элбэҕи биллилэр. Сынньалаҥҥа сахалыы булт тэриллэрин ким төһө элбэҕи билэрин тургуттулар. Аҕа сүбэтин аатыттан үс бастыҥнарга бириис туттардыбыт. Бу олус интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин түмүгүнэн, уолаттарга барыларыгар сэртипикээт туттарылынна, — диэн Сунтаар улууһун Аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Борис Уларов кэпсээтэ.
Бу маннык тэрээһин олус наадалаах, тоҕо диэтэр, оҕо тутан-хабан көрбөтөҕүнэ, кэмигэр уһуйуллубатаҕына, саха төрүт үгэстэрин билбэт, сатаабат буола улаатар. Уол оҕону иитиигэ аҕалар оруоллара улахан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: