Уон үс чыыһыла. Сордоох дуу, дьоллоох дуу?
Арассыыйаҕа билигин 13 чыыһыла барахсан абааһы көрүллэр, “дьоло суох”, “абааһы дьууһуната” чыыһыла диэн ааттыыллар. Оттон 19-с үйэҕэ бу чыыһыла олох даҕаны үтүөҕэ ахтыллар, туттуллар буола сылдьыбыт эбит. Бэл, “биэкэр дьууһуната” дэниллэн, 12 устуука буулачыканы атыыласпыт киһиэхэ, 13-һү бэлэх биэрэллэрэ үһү.
13-ҺҮ ТОҔО АБААҺЫ КӨРӨЛЛӨРҮЙ?
Бастатан туран, бу чыыһыла 12 апостолы уонна Иисус Христоһу бэлиэтиир. Евангелияҕа ахтылларынан, Кистэлэҥ киэһэтигэр Иисус Христос апостолларын кытта бүтэһик киэһээҥҥи аһылыгар олорон: “Не двенадцать ли вас избрал Я? Но один из вас диавол», – диэбититтэн сылтаан, «Чёртова дюжина не нужна за ужином» диэн этии баар буолбут. Маны кытта ким бастакы остуолтан турбут, сыл иһигэр олохтон туоруур диэн бит-билгэ олоҕурбут. Онтон ыла 13 чыыһыланы “абааһы дьууһуната” диэн ааттыыр буолбуттар.
ЕВРОПАҔА
Бу “абааһы дьууһуната” диэн тыл ситимэ дьон өйүгэр-санаатыгар киирэн, Европа дойдуларыгар дьиэлээхтэр хаһан даҕаны 13 киһини ыалдьыттата ыҥырбаттар эбит. Алҕаһытан 13-с киһи кэлэр түгэнигэр, ыалдьыттар аһаан баран остуолтан бары тэҥҥэ турдахтарына эрэ сатанар. Оччотугар ким даҕаны абааһы аһылыга буолбат дьылҕаланар диэн өйдөбүллээхтэр. Эбэтэр хаһаайыттар 14-с киһини ыҥыра охсорго тиэтэйэллэр.
Манна диэн суруйдахха, Францияҕа “14-с ыҥырыылаах ыалдьыт” дэнэр өҥө баар эбит. Бырааһынньыкка, аһылыкка 13 киһи кэлэр түгэнигэр, 14-с киһинэн мааны көстүүмнээх манекены аҕалан олордоллор, чааскы, ньуоска уураллар. Манекеннарын аны Людовик XIV-тэн атыннык ааттаабаттар. Киниэхэ 17-с үйэҕэ Францияҕа хоруоллаан олорбут “абааһы дьууһунатыттан” хайдах да куттамматах Людовик XIII аатын иҥэрбиттэр. Бу хоруол оннооҕор 13 саастаах кыыһы кэргэн ыла сылдьыбыт эбит.
Францияҕа уонна Германияҕа 13-с нүөмэрдээх дьиэ суох. Англияҕа ый 13-с чыыһылата буоллаҕына хараабыллар муораҕа тахсыбаттар, 13 нүөмэрдээх каюталар суохтар. Сорох сөмөлүөттэргэ 13-с эрээттээх сидиэнньэлэр суохтар эбит. Аны 13-с чыыһылаҕа балыыһаларга эпэрээссийэ оҥоһуллубат, 13 нүөмэрдээх балаата суох буолар эбит. Бай, оччотугар улаханнык ыалдьыбыт киһини хайдах гыналлара буоллар?
Оттон Испанияҕа 13-с чыыһыла оптуорунньукка түбэһэрин сөбүлээбэттэр эбит. Оптуорунньук диэн кинилэр тылларыттан тылбаастаатахха, Марс диэн сэрии таҥаратыттан тахсыбыт эбит. Онон “оптуорунньукка куурусса сымыыттаабат, кыыс эргэ тахсыбат”, “оптуорунньукка уолбут ойох ылбат, сибиинньэни өлөрбөппүт” уо.д.а. өс хоһооннордоохтор. Аны туран испанецтар олохторун кылгатымаары, бу күн баттахтарын, тыҥырахтарын кырыйбаттар эбит.
АЗИЯҔА
Азия дойдуларын олохтоохторо “абааһы дьууһунатыгар” соччо-баачча кыһаллыбаттар эбит. Холобура, Индонезияҕа, Саудовскай Аравияҕа уонна Индияҕа 13 чыыһыланы олох даҕаны таптыыллар! 13 нүөмэрдээх билиэт, миэстэ, дьиэ аайыттан харчы бөҕөтүн куталлар, бэл, былдьаһан охсуһуохтарын да сөп үһү. Индонезияҕа 13 сыыппаралаах төлөпүөн нүөмэрин эрдэттэн сакаастаһаллар, ыарахан сыанаҕа атыылыыллар. Оннооҕор бу чыыһылаҕа биисинэс оҥостор дьон бааллар диэн интэриниэт хонуутугар суруйаллар.
Оттон Кытайга 13 чыыһыла – дьолу тардар чыыһыла. Кытай олохтоохторо 4 сыыппараны сөбүлээбэттэр. Түөрт сыыппаралара “өлүү” диэн тылы кытта биирдик саҥарыллар. Онон бу дойдуга 13 нүөмэрдээх кыбартыыраны, дьиэни атыылыыр улахан уустуктардаах, улаханнык ыксаабыт дьон кыра сыанаҕа атыылыыр эрэ дьылҕалаахтар.
САХАЛАР КУТТАНАЛЛАР ДУО?
Сахалар 3, 7, 9 диэн сыыппаралары үөһэттэн айдарыылаахтар диэн билинэбит. Бу сыыппаралар аптарыгар, дьолу тардалларыгар итэҕэйэбит. Ол эрээри, 13 чыыһыланы “абааһы чыыһылата” уонна “дьоллоох сыыппара” диир дьон үгүһүн бэлиэтиибин.
Соторутааҕыта биир билэр киһим манныгы кэпсээн турардаах:
– Мин чыыһыла абыгар, күүһүгэр итэҕэйэбин. Сахалар 3, 7, 9 сыыппараҕа сүгүрүйэллэрин билэбин. Онон устудьуоннуу сылдьан маннык нүөмэрдээх миэстэлэри, билиэттэри тала сатыырым. Онтон биир кэм эксээмэннэрбэр куруук бу сыыппаралардаах билиэттэр түбэһэр буола сылдьыбыттара. Баҕар, мин өйүм тиийбэккэ буолан дуу, долгуйан эбитэ дуу, ол сиэссийэбин сатаан саппатаҕым. Онон оҕотук санаабар ол дьоллоох сыыппараларга итэҕэйэн бүппүтүм уонна өһөс санаабар, бары абааһы көрөр 13 чыыһылаларыгар итэҕэйэн саҕалаабытым.
Латырыайаҕа 1313 диэн нүөмэрдээх билиэти атыылаһан улахан бирииһи сүүйбүтүм. Эккирэтиһэн туран 13-с нүөмэрдээх дьиэҕэ 13-с кыбартыыраны атыылаһан олоробун. Аны дьиктитэ диэн, ыам ыйын 13 күнүгэр кэргэн тахсар кыыспын көрсүбүтүм, түөрт сыл ааһан баран бу күҥҥэ бастакы оҕом күн сирин көрбүтэ. Онон, 13 чыыһыла миэхэ дьоллоох чыыһылам.
БЭЭТИНСЭ 13-ҺЭ. БУ КҮНТЭН ТОҔО КУТТАНАБЫТ?
Аны туран, “бээтинсэ 13-һэ” дии-дии куттанар, тугу да гыммат, дьиэҕэ сууланан сытар, улаханы былааннаабат дьон үгүс. Дьэ, тоҕо буолуой?
Трискайдекафобия – бу бээтинсэ 13-һэ күнтэн куттаныыны ааттыыллар. Аан дойдуга тарҕаммытынан, бу күн сатамньыта суох күнүнэн биллэр. Бээтинсэ 13-һэ күҥҥэ аан дойду үрдүнэн 800 мөл. дуоллар харчы эргиирэ тохтуур эбит. Бу дьон куттанан маҕаһыыҥҥа сылдьыбатыттан, күүлэйдээбэтиттэн, бааҥҥа харчы укпатыттан буолар үһү.
Аан дойду устуоруйатын хасыһан көрдөххө, бээтинсэ 13-һүгэр араас түбэлтэ бөҕөтө буолбут эбит. Көннөрү түбэһэн хаалыы дуу, эбэтэр, кырдьык, бу күн куттаныахпытын куттанабыт дуу?
Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр, 1940 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр ньиэмэс сэриилэрэ биэс буомбаны быраҕан, Букингемскай дыбарыаһы эстэрбиттэрэ.
Англияҕа Lowestoft Seafront Air диэн шоу кэмигэр 13 саастаах оҕоҕо чаҕылҕан кэлэн түспүт. Бу кэмҥэ уолчаан суончук тутан турбут эбит.
2012 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр «Коста Конкордия» (Costa Concordia) лайнер Италия кытылыгар тимирбитэ. Бу суудуна тимириитигэр аатырбыт «Титаник» алдьархайынааҕар элбэх киһи суорума суолламмыта.
1939 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Австралияҕа хаһан даҕаны буолбатах улахан баһаар саҕаламмыта. Манна 700 олорор дьиэ умайбыта, 71 киһи өлбүтэ, 575 га сир уокка былдьаммыта.
Уругвайтан Чилигэ көтөн испит сөмөлүөт алдьанан Анды хайаларыгар түспүт. Быыһыыр сулууспа уон хонук көрдөөн сөмөлүөтү булбатах. Арай, бу кэнниттэн 72 чаас буолан баран сөмөлүөт икки пассажира чугастааҕы сэлиэнньэҕэ кэлбиттэр, хаар анныгар өссө 16 киһи хаалбытын иһитиннэрбиттэр.
1970 сыллаахха сэтинньи 13 күнүгэр Бангладешка Bhola циклон түһэн, цунами кэлэн, 500 тыһыынча киһи өлбүтэ. Маны таһынан, 90% сүөһү суох буолбут.
1989 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Англияҕа көмпүүтэр вируһа баар буолбут. Туох баар көмпүүтэрдэргэ хараллан сытар докумуоннары сотторбут, үлэни атахтаабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: