СӨ Оҕо саас сылынан үөрэх кыһаларын тутуу үлэтэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, тиһиктээхтик салҕанар.
Сыл устатыгар уопсайа 3515 миэстэлээх саҥа 13 оскуола тутуллан үлэҕэ киллэриллиэ. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан 990 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киириэ. Соторутааҕыта Уһук Илиҥҥэ суох кадеттар оскуола-интэринээттэрин саҥа куорпуһа арыллыбыта. Өссө сотору кэминэн, 550 миэстэлээх адаптивнай үөрэтэр комплекс аһыллыа.
Маны сэргэ, үөрэх кыһалара Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Намҥа, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ тутуллаллар.
«Саҥа эбийиэктэр киирдэхтэринэ, эрэгийиэҥҥэ үөрэх инфраструктурата биллэрдик тупсуоҕа, оҕолор үөрэнэллэригэр, сайдалларыгар аныгы уонна тупсаҕай усулуобуйа баар буолуо. Оскуолалар аныгы тэрилинэн хааччыллыахтара. Эбии үөрэхтээһин эбийиэктэригэр оҕолор успуордунан дьарыктанар, кылааһы таһынан араас дьарыктарга сылдьар кыахтаныахтара», — диэн бэлиэтиир СӨ үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова.
Оскуолалары таһынан өссө 315 миэстэлээх түөрт уһуйаан, 314 миэстэлээх эбии үөрэхтээһин биир эбийиэгэ, успуорт түөрт саалата былааннаналлар.
Эбийиэктэр бары РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит «Үөрэх» бырайыагын сыалын-соругун толоруутунан буолаллар. Бырайыак иитинэн бу сыллар усталарыгар 42 оскуола тутулунна.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.