Бу күннэргэ ыраах айаннара түмүктэнэн, Өймөкөөн сылгыһыта, аатырбыт айанньыт Дугуйдан Винокуров Дьокуускайга сынньана, доҕотторун кытта көрсө, араас кэскиллээх былааннарын сааһылана сылдьар үтүөкэннээх кэмэ.
Онон аатырбыт экстремал айанньыты кытта көрсөн кэпсэтэргэ тоҕоостоох кэм үүммүтүнэн сибээстээн, анаан болдьоһон интервью ыллым.
– Ханнык баҕарар айаны былааннаатахха табыллара чахчы. Магадаан Сэйимчээнигэр айаҥҥа хаһыа буолан сырыттыгыт?
– Бастаан утаа алта киһини былааннаабыппыт. Онтон сорохтор айана уустугуттан аккаастаммыттара. Онон суоппар, асчыт, оператор, айаммын көрөр-истэр администратор буолан сырыттыбыт. Эргэ Халыма трассатын хаара быарбынан, сороҕор түөспүнэн этэ.
-58 кыраадыс тымныыга дойдубуттан аттаммытым. Сүрүн соругум – улуу дьоммут, Өймөкөөн аатырбыт 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын уонна саха бөлүһүөгэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сылдьыбыт аартыктарынан айан уонна кыһыҥҥы кэмҥэ айаҥҥа саха атын тургутуу уонна аатын үйэтитии.
– Салгыы айанныыр былааннааххын дуо?
– Айанныырбын тохтотон, дьиэ кэргэммэр болҕомтобун ууруом, оҕолорум кэскиллэрин толкуйдуом. Айан уустугун эппинэн-хааммынан биллим. Онон атынан айан туризмыгар ылсан, ити хайысханы сайыннарар баҕалаахпын.
– Саха атыгар анаан киин куоракка бааза тэринэн үлэлиир былааннаах этиҥ дии?
– Мин биир баҕа санаалаахпын. Кэлиҥҥи кэмҥэ ыһыахтарга сиэри-туому толоруу кэнниттэн аттары хаамтаран киллэрии үгэскэ кубулуйан эрэр. Бу сөп эрээри, сиэнчэр боруода аттар буолбакка, саха аттара киириэхтээхтэр этэ. Ол ону олоххо киллэрэр баҕа санаалаахпын. Уонна сүрүн баҕам – саха оҕотун акка мииннэрэ үөрэтии. Ыраата барбакка холобурдаатахха, куоракка бэйдиэ сылдьар аттары ыстарааптыыр тохтобулга үүрэн аҕалыы кыһалҕа буолбут эбит. Төрүөтэ – тутуллубут аты үүрэн аҕаларга аты миинэр киһи суоҕа. Уопсайынан, саха ыччата аттан тэйдэ. Сиэнчэр боруода ат сымнаҕас буолан, миинэргэ судургу – туран биэрэр. Оттон саха атын айааһыырга уустук. Ол иһин Өймөкөөнтөн бу куорат эҥээр мииниллэр аты арааран аҕалаары гынабын.
– Ол хайдах араараҕын?
– Күһүн убаһаны ийэтиттэн арааран аҕалан кыстатабын уонна мииниллэр оҥоробун. Аты төһөнөн эрдэ үөрэтэҕин да, үчүгэй, киһиэхэ сыстаҕас буолар. Үһүттэн-түөрдүттэн үөрэтиини барар аты айааһыырга ыарахан. Миинэргэ үөрэтиллибит аттары булчуттар да, сылгыһыттар да туттуохтара.
– Туһугар, бренд буолсу дии – “Дугуйдан үөрэппит ата” диэн…
– Оннук. Сүрүннээн туризмынан дьарыктанар былааннаахпын.
– Дугуйдан, сылдьыбыт сириҥ тухары үтүмэн видео-матырыйаал, хаартыска хомулуннаҕа. Ол ону үмүрүтэн, кинигэ таһаарбаккын дуо?
– Документальнай киинэ бэлэмнэнэ сылдьар. Тиэкиһин Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи чилиэнэ, миигин айаннаабытым тухары өйүү сылдьар олус убаастыыр киһим Егор Борисов суруйа сылдьар. Олоҥхо ыһыаҕар көстүөхтээх.
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһиҥҥэ Өймөкөөҥҥө сылгыһыттарга аналлаах тэрээһин эмиэ былааннанар дии. Эн айаҥҥар сыһыаннаан, Сордоҥноох нэһилиэгин олохтооҕо Махсыым Омуоһап “Дугуйа Бөҕө” олоҥхото туруохтаах. Төһө элбэх киһи атын дойдуттан кэлэрэ быланнанарый?
– Москваҕа тиийэ сылдьан РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар миниистирэ Алексей Чекунковы кытта көрсөн, Олоҥхо ыһыаҕар анаан ыҥырбытым. Ону тэҥэ Москваҕа айаннаан иһэн татаардары, башкирдары, бүрээттэри кытта ыкса доҕордоспутум. Кинилэри күүтэбин.
– Ити ааттаталаабыт өрөспүүбүлүкэлэргэр сылгы иитиитигэр төһө сайдыылаахтарый?
– Сылгыны үөрдээн иитиигэ олох хаалан иһэллэр. Ол эҥээр спортивнай хайысхаҕа ордук болҕомтону уураллар эбит. Ол иһин буолуо, сүрүннээн онно сэлиик боруоданы иитэллэр. Саха ата, онно холоотоххо, сүүрүк ат буолбатах. Үлэһит ат. Кинилэр сүүрүк аттары иитэн, харчы оҥороллор. Оччо үптэрэ баранар эбит.
– Саха атын оччоҕо сүүрүк гына үөрэтэр кыах суох дуо?
– Сүүртэххэ, оннооҕор бүлүүһэ сүүрэр. Үөрэтии наада. Өбүгэ саҕаттан ыытыллар ыһыахтарга саха аттара сүүрэн кэллэхтэрэ дии. Холобура, биһиэхэ, Өймөкөөҥҥө. Киин улуустарга сылгы 80%-на – боруода ат, 20%-на – булкаас, сиэнчэр. Дьиҥэ, билигин араарар “Дьааҥы сылгыта” эбэтэр “Өймөкөөн сылгыта” диэн боруода ат суох. Көннөрү саха ата баар.
– Оттон Дьааҥыга эрэ чыыбааҕыны сиир сылгы сыата олох кыһыл дии.
– Барытыгар буолбатах, ол от үүнэр сиригэр эрэ. Биһиэхэ Тэҥкэлээх диэн сиргэ сиибиктэ үүнэр. Онно сылдьан аһыыр сылгы сыата эмиэ кыһыллыҥы араҕас буолар. Ол эрээри ырааҕа бэрт буолан, онно сылгы тиийбэт. Дьиҥэр, киһи ханна үөскээбитинэн этин-үүтүн, сирин аһын амтанын ордорор. Чурапчы, Таатта, Горнай, Өймөкөөн уо.д.а. улуус убаһатын, ынаҕын этэ ураты минньигэс диэн арахсыы суох. Ким ханна үөскээбитинэн дойдутун аһын барыларыттан ордорор.
– Дугуйдан, Магадаан Сэйимчээнигэр бараргар саха түү, “БАСК” пиирмэ таҥастарын тургутан көрөр соруктаах этиҥ. Ол таҥастары туох диэн сыаналаатыҥ?
– Саха таҥаһа сылаас, ичигэс буолан абыраабыта. Ол эрээри, кэтэн барбыт таҥаһым сыарҕаҕа сөптөөх эбит. Ат миинэр киһи ахсааннаах буоллаҕа. Сахалар кыһын сүрүннээн сыарҕаҕа олорон айанныыллара. Ол иһин итинник таҥаһы ордороллор. Ат иҥэһэтигэр этэрбэс баппат.
Оттон “БАСК” пиирмэ таҥаһа ыйааһына чэпчэки буолан, акка сөбө суох. Матырыйаала халтараан. Киһи этэ акка сытыахтаах. Куурката уһун буолан, акка олорорго барсыбат. Аны наһаа сиигирэр эбит. Оччоҕуна ыйааһына ыарыыр. Куурдарга сөптөөх усулуобуйа суох. Оннук сииктээх таҥаһы өр кэппэккин. Ол оннугар түүлээх таҥас сииги туппат. Мин саһыл истээх кууркабын эппиттэн араарбатаҕым.
– Айаныҥ, биллэн турар, күн-дьыл туругуттан улахан тутулуктааҕа чахчы. Саамай уустук өйдөөн хаалбыт түгэниҥ?
– Омскайтан биир нэдиэлэ устата соҕотоҕун айаннаабытым. 9 күн ардах аннынан айанныах диэтэххэ уустук этэ. Таҥаскын ханна куурдуоҥуй? Инчэйбит футболкабын аара ыга-ыга салгыы айанныыр этим. Плащ ылан кэтэ сатаабытым да, талахха хайа тардан кэбиспитим. Ол кэмҥэ аттарбын куоттара сылдьыбытым. Бэйэм туспар кыһалҕа суоҕа. Ол мин тоҥмутум-хаппытым диэн. Иннибэр туруорбут соругум эппиэтинэһэ бэрт этэ. Бэйэм буолбатах – саха киһитэ, мин тус атым буолбатах – саха ата диэн этэ. Онон туох эмэ алҕас, сыыһа тахсыбыта буоллар, саха аата барар буоллаҕа. Ол баар этэ саамай эппиэтинэһэ, бэйэбэр туруорбут ирдэбилим. Ханан эрэ мөлтөөн биэрбитим буоллар, саха норуота мөлтөҕүн курдук көстүө этэ. Онон аара өрөспүүбүлүкэлэргэ да, Магадаан уобалаһыгар да “сахалар уот санаалаах дьоҥҥут!” дииллэриттэн ордук улахан хайҕабыл сыана суоҕа чахчы. Аттарбын сөҕө-махтайа “красавчиктар!” дииллэрэ. Ол онно барахсаттарым харахпар икки бүк үрдээн, тупсан көстөллөрө, кинилэринэн киэн туттар санаам баһыйан, ис испиттэн үөрэн, мичээрдээн ыларым…
Түгэнинэн туһанан, ыраах мүччүргэннээх айаннарбар күүс-көмө, өйөбүл буолбут бары сахам дьонугар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Бэйэ-бэйэбитин ити курдук барытыгар өйөһө сырыттахпытына, мөлтөөн-ахсаан биэриэхпит суоҕа.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…