Салгыы
«Уран Айыы алгыһынан» быыстапка норуот үгэһин сөргүтэр

«Уран Айыы алгыһынан» быыстапка норуот үгэһин сөргүтэр

09.03.2024, 11:00
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Норуот маастарын күнүнэн  эҕэрдэтигэр үйэттэн үйэҕэ номоххо киирбит уус өбүгэлэрин үтүө дьарыгын утумнаан, ситимнэрин салҕаан, Саха сирин талба талааннаах иистэнньэҥнэригэр туһаайан «эһиги бааргыт үйэлээҕи үөдүтээччилэр, оһуор дьарҕаа түһэрээччилэр, илиигит сылааһын таҥаска иҥэрэн, дууһаҕыт ырыатын оһуорга тиһэн, үйэлээх оҥоһуктары айааччылар» диэн бэлиэтээбитэ.

Бу күннэргэ СӨ худуоһунньуктарын сойууһун пуондатын дьиэтин «Ситим» АРТ быыстапкалыыр саалатыгар «Уран Айыы алгыһынан» иистэнньэҥнэр быыстапкалара буола турар.

Тэрийээччилэр — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт култуура уонна фольклор кафедрата, «Уран Иис» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ, СӨ худуоһунньуктарын сойууһа, «Өбүгэ суола» уопсастыбаннай түмсүү.

Быыстапкаҕа саха иискэ култууратын түмэл пуондаларыттан уонна археология матырыйаалларыттан «реконструкция» дэнэр үлэлэр турдулар.

Тэрээһин соруга — саха норуотун үтүө үгэстэрин, олоҥхо курдук, уустук айымньы араас хайысхатын үөрэтэр-чинчийэр, төрүт үгэһи олоххо киллэрэр, билиһиннэрэр төрүт култуураны, кэми-кэрдиини кэрэһэлиир уран оҥоһуктары ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыы, түмэл пуондатын үлэлэрин сөргүтүү, тилиннэрии, сайыннарыы.

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклорга уонна культураҕа кафедратын доцена Светлана Петрова, Хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун преподавателэ, көстүүмҥэ этнограф, историческай наука кандидата, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуотун маастара Александра Прокопьева, «Өбүгэ суола» научнай-сырдатар түмсүү салайааччыта, ИГИПМНС научнай үлэһитэ, археолог Наталья Николаева быыстапканы тэрийиигэ улахан сыраларын уурдулар.

Бу туһунан историческай наука хандьыдаата, «Уран Иис» маастарыстыба үрдүкү оскуолатын салайааччыта, саха төрүт култууратын чинчийээччи Светлана Петрова маннык билиһиннэрдэ:

Быыстапкаҕа кэлбит дьоҥҥо Светлана Ивановна хас биирдии иистэнньэҥ түмэллэртэн сөргүтүллүбүт таҥастары хайдах тикпиттэрин кэпсээн, дьон болҕомтотун тарта.

Светлана Петрова киэргэл аан бастаан үөдүйүүтүн маннык билиһиннэрдэ:

Сунтаар олохтооҕо, норуот маастара Тамара Игнатьева сарыыга быысапката иистэнньэҥнэр кэрэхсэбиллэрин ылыан ылла. Светлана Ивановна көстүүм тигиллиитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарда.

Учуонай быыстапкаҕа 40-ча маастар 60-ча үлэтэ турбутун бэлиэтээтэ.

«Быыстапка улахан интэриэһи тардыаҕа. Бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, маастар-кылааска элбэх киһи суруттарда», — диэн бэлиэтээтэ быыстапканы тэрийбит историческай наука хандьыдаата Светлана Петрова.

Быыстапка кулун тутар 17 күнүгэр диэри буолуоҕа. «Саха былыргы сөргүтүллүбүт төрүт таҥаһын быыстапкатын кэлэн көрүҥ, сэргээҥ» диэн тэрийээччилэр киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ыҥыраллар.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: