Ураты талаан Ирина Тимофеева
Худуоһунньук айар абылаҥҥа, тулалыыр эйгэни көрөн холустаҕа түһэрэр ураты дьоҕурдаах киһи. Хас биирдии худуоһунньук тус-туспа буочардаах, уруһуйдуур тиэмэлээх буолар. Үгүс худуоһунньук кыраһыабай айылҕаны, дьону-сэргэни, кыылы-сүөлү ойуулууллар. Оттон бүгүн кэпсэтэр киһим, ураты эйгэлээх, дьарыктаах худуоһунньук. Кини сахалартан аан бастакы иконаны ойуулуур худуоһунньук, ураты дьоҕурдаах Таҥараттан анаммыт талааннаах Ирина Ильинична Тимофеева.
— Ирина Ильинична, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
— Чурапчыга төрөөбүтүм. Аҕам Тимофеев Илья Иванович Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, инбэлиитэ, Сталинград уонна Курскай туһаайыытынан сэриилэспит, снаряд эстэригэр бааһыран уонна контузия ылан, Казань куоракка госпиталга сыппыт. Ол кэннэ доруобуйатынан сыыйыллан дойдутугар төннүбүт. Ийэм Тимофеева Ирина Кузьминична, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олох күөстүү оргуйара. Эдьиийдэрим уонна убайдарым үгүстэрэ анал мусукаалынай үөрэҕэ суох эрээрилэр, байааҥҥа уонна гитараҕа оонньууллара, уруһуйдууллара, уһаналлара. Ийэбит өҥнөөх харандааһынан биһиги оҕо эрдэҕинээҕи мэтириэттэрбитин уруһуйдаан истиэнэбитигэр ыйыыра. Кини элбэхтик иистэнэрэ, биһиги таҥаспытыгар оһуордаан-бичиктээн быысыбайдыыра.
Биһиги эһээбит мас ууһа этэ, ийэбит аҕатын саныы-саныы сакааһынан мал оҥорторон, тэлиэгэлээх атынан нэһиилэ тиэйэн илдьэллэрэ диэн кэпсиирэ. Ийэбит биэнсийэҕэ тахсан баран, айар үлэнэн дьарыктаммыта уонна норуот маастара буолбута. Кини араас тимир матырыйааллартан монисталары оҥорон чаппараахтарга тигэрэ, киэргэтэрэ. Иллэҥ кэмигэр кумааҕыттан наһаа дьикти кэрэ кыталык, сылгы фигураларын кырыйара… Ийэбит олус үчүгэйдик ыллыыра уонна бэйэтин эдэр сааһын, хайдах имигэһин, оччолорго эдэркээн баҕайы кыргыттар «краковяк» уонна «полька» үҥкүүлүүллэрин сөбүлүүллэрин, гимнастическай туруорууларга, акробатическай нүөмэрдэринэн сыанаҕа кытталларын туһунан кэпсиирэ. Онон биһиги дьиэ кэргэнинэн айар дьоҕурбут ийэбит өттүнэн удьуордаммыт диэххэ сөп.
— Маннык сэдэх идэҕэ ханна үөрэммиккиний, хайдах ити суолу талбыккыный?
— Мин оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм, айылҕаҕа сылдьан оту-маһы кэтээн көрөрүм уонна уруһуйдуурум, ийэ айылҕа кырааскатын манньыйа көрөрүм, сороҕор дьон сирэйин кумааҕыга үкчү түһэрэр этим.
Урут иконаны уруһуйдуурга үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр анал факультет үөрэх тэрилтэлэригэр суох эрдэҕинэ, Москубаҕа кууруска үөрэммитим. Ол кэннэ «Нуучча иконата» Москубатааҕы икона уруһуйун киинигэр уонунан сылларга үөрэммит, үлэлээбит үөрүйэхтээхпин, уоппуттаахпын…
Мин кэммэр, билиҥҥи курдук институкка икона уруһуйун анал салаата баара буоллар, онно үөрэнэ киириэм этэ. Сэбиэскэй үөрэҕи – М.А. Шолохов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай гуманитарнай университет уус-уран-графическай факультетын бүтэрбитим. Идэм миигин бэйэтэ талбыта диэхпин сөп. Мин 90-с сыллартан иконаны уруһуйдуубун, боруоста үлүһүйэн туран үлэлиир этим. Үгүстэр ол кэмҥэ үп-харчы кэмчититтэн атын эйгэҕэ бараллара. Оттон мин иконалары уруһуйдаан тахсарым, аны иконаны чөлүгэр түһэрэргэ үөрэммитим, ол кэннэ сакаастар киирэн барбыттара. Оттон мин уруһуйдуурум…
Биир кэмҥэ үлэбин уларытыахпын баҕарбыттааҕым. Оруобуна ол кэмҥэ, биирдэ, мин иконаны уруһуйдуур уонна чөлүгэр түһэрэр идэлээхпин билэн, миэхэ анаан биир фиирма дириэктэрэ бэйэтин тэрилтэтигэр «реставратор» диэн дуоһунаһы арыйбыта…Ону мин, ким эрэ үөһэттэн бэйэтин илиитин иһиттэн таһаарбат баар эбит дии санаабытым…
— Мээнэ киһи ылла да, иконаны уруһуйдаабат буолуохтаах, итиннэ таҥара дьиэтин өттүттэн туох ирдэнэрий?
— Иконаны суруйар киһиэхэ бу олус суолталаах, эн ис-искиттэн итэҕэйбэт уонна Таҥараны кытары санааҕынан кэпсэппэт буоллаххына, уобараһы сатаан оҥорбоккун. Иконаны суруйааччы син эмиэ атын таҥараны итэҕэйэр дьон курдук, искиттэн тахсар Таҥараҕа истиҥ итэҕэл ирдэнэр.
Ол эрээри, алҕаһы оҥордоххуна быраабыла суруллар диэн баар дии. Ол кэмнээҕи иконаны суруйар киһи хайдах буолуохтааҕа, Стоглав быраабылатын хомуурунньугар (1551 с. Стоглав собуорун быһаарыытын хомуурнньуга) баар. Былыр уруһуйдьуттар үгүстэрэ арҕаа эстетикэни үтүктэллэрэ, үгүс уобарастар Нуучча Православнай Таҥаратын тыына буолбакка, католическай көрүү сабыдыаллыыра. Хас биирдии иконаны уруһуйдааччыга Преподобнай Андрей Рублев буочара холобур буолар – нуучча сибэтиэй инконписеһэ, аатырбыт «Троица» икона ааптара. Баччааҥҥа диэри бу сибэтиэй киһи чыпчаалларыгар аныгы уруһуйдьуттар дьулуһаллар.
— Үлэҕэр ханнык кырааскалары туттаҕын?
— Үлэбэр минеральнай кырааскалары туттабын. Бу сир анныттан хостонор араас минераллар: киноварь, лазурит, малахит, охра, умбра, азурит, о.д.а. Бу таастар бороһуок буолуохтарыгар диэри ньыһыллаллар, онтон сымыыттаах суурадаһыҥҥа холбоон, уу кырааската (темпера) оҥоһуллар. Итинник ньыманан былыр уруһуйдьуттар тутталлар этэ. Билигин, биллэн турар, аныгы уруһуйдьуттар синтетика кыраасканы туһаналлар. Мин былыргы технологияны тутуһабын, ол ыраас, чэбдик өҥү туох да солбуйбат. Итинник кырааскалар үйэлэр тухары бэйэлэринэн хаалаллар. Оттон аныгы матырыйааллар тустарынан этэр уустук, үчүгэй дииргэ бириэмэ ааһыахтаах.
— Икона оҥоруута уруһуй атын көрүҥнэриттэн туох уратылааҕый?
— Икона ойуулааччы былыргы технологиянан эрэ буолбакка, ойуулааһын ураты ньыматынан, сибэтиэйдэр сирэйдэрин уонна моһуоннарын суруйар ураты стиллээх буолуохтаах. Биһиги өйдөрүнэн-санааларынан, олохторунан Таҥараны билбит сибэтиэй эйгэтин суруйабыт. Иконаны суруйуу тиэхиньикэтин эрэ таарыйдахха, бу уустук бырассыас: көмүстэн саҕалаан, суругун-бичигин, таҥастарыгар, малларыгар түһэрэр көмүс ойуулар (ассист) олифанан бүрүйүүгэ тиийэ. Хас биирдии түһүмэҕэ үлэҕэ болҕомтолоох уонна сыралаах сыһыаны ирдиир. Ордук чап-чараас көмүс лииһинэн ойууга түһэрэргэ үлэлээх. Маны түһэрэргэ элбэх ньыма баар – көмүһү морданнай лаахха, полимеҥҥа уураллар уо.д.а.
Мин сүрүннээн, полимеҥҥа көмүһү туттабын. Бу кыһыл охраны кытары килиэй састааптаах ураты булкаһык. Кыһыл көмүһү оруобуна түһэрэргэ кыра быыл да суох, сиэркилэ курдук үрүт ньуура ып-ыраас буолуохтаах. Икона уруһуйа элбэх араҥанан сотулларынан уратылаах, ол ураты тыыны, сирэйдэрин уонна моһуоннарын чопчулуур. Иконаҕа барыта сырдык айыы сыдьаайдаах, өҥнөөх буолуохтаах. Иконаҕа түбэһиэх уобарас суох, барыта символическай хайысханан, Таҥара өйдөбүллэринэн бэриллэр.
Икона ойуулааһынын канона баар, худуоһунньук айымньылаахтык үлэлиирин боппот, төттөрүтүн, сөптөөх хайысханы биэрэн, урукку үйэлэр иконописецтарын уопутун туһанан, саҥалыы көрөн-истэн айар-тутар кыахтаныаххын сөп.
Судургутук эттэххэ, канон диэн бэйэҥ тугу оҥороргун билииҥ буолар. Тылга ханыылаатахха, бу эн тылгынан көҥүллүк туттууҥ, хайдах баҕарар кэпсиириҥ-ипсиириҥ, хоһоон хоһуйарыҥ, ыллыырыҥ, ханнык баҕарар тиэмэҕэ ыстатыйалары суруйарыҥ. Ити барыта бэйэҥ айар дьоҕургар көҥүлү биэрэр, оттон билбэтиҥ – хааччахтыыр, мэһэйдиир.
— Ирина Ильинична, кэпсэтииҥ иһин махтал.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: